Сэдэх мастары үлтү тэбистэрдилэр
Кэнники кэмҥэ Дьокуускай киин уулуссалара саҥардыллан, тупсан эрэллэрэ хараҕы үөрдэр. Ол эрээри уулуссаны оҥороору уонунан сылларга үүммүт мастары суох гыммыттара уонна саҥаттан кып-кыра талахтары, мастары олордуталаабыттара. Бу кыра мастар бастаан сыралаах көрүүнү-харайыыны эрэйэллэр. Оттон бу хаартыскаҕа көҕөрдүү үлэтин туора сотон, сирэйэ-хараҕа суох үлтү тэпсэн ааспыттарын көрөҕүт.
Маннык киһи үлэтин сыаналаабат буолууну, уопсай баайы-дуолу алдьатыыны «вандализм» диэн ааттыыллар. Манныкка улахан ыстараап көрүллүөхтээх!
Кэнники кэмҥэ Дьокуускай дьаһалтата, куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев тус бэйэтэ көҕөрдүүгэ болҕомто ууран, анал үөрэхтээх исписэлиистэрдээх тэрилтэни наймылаһан, балаһыанньаны тупсарарга быһаарбыттара.
Ол курдук, «Зеленый рай» диэн тэрилтэ «Азия оҕолоро» оонньууну көрсө, Ленин проспегар, Ильменскэй, Пирогов уулуссаларыгар яблоня, акация курдук сэдэх мастары олордубута. 2022 сыллаахха бу уулуссалар «Безопасные и качественные дороги» национальнай бырайыагынан оҥоһуллубуттара.
Онуоха бу суол оҥорор «Сахатрасстрой» тэрилтэ быйыл саҥа олордуллубут, күн аайы уу кутуллар, бүөбэйдэнэр мастары тыраахтарынан үлтү тэбистэрбит.
«Зеленый рай» тэрилтэ исписэлиистэрэ сыралара, үлэлэрэ халтайга барарыттан, маннык сидьиҥ сыһыантан хомойуохтарын хомойоллор. Бу иннинэ кинилэр Ильменскэй уулуссаҕа дьон олордуллубут мастары тоһуталларын туһунан биллэрэн тураллар. Кинилэр анал питомниктаах буолан, бэйэлэрэ үүннэрбит мастарын олордоллор. Москваттан аҕалыллыбыт мас биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар тыыннаах ордубат. Буорун барытын уларытан, бары быраабылатын тутуһан, олордоллор.
Дьокуускайга күөх от-мас аҕыйаҕын бары да билэ-көрө сылдьабыт. Урукку сылларга мастары мээнэ олордон баран, кэлин кэрдэн кэбиһии түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтара. Үгүс мас уу кутуллубакка, хатан хаалара. Тоҕо диэтэр, түбэһиэх дьон субуотунньуктаан, олордон баран, умнан кэбиһэллэрэ. Төһөлөөх үп-харчы итинник күдэҥҥэ көппүтэ буолуой? Аны Дьокуускай кураанах буоругар мээнэ мас силигилээбэт ээ, үчүгэй көрүү-истии наада.
Балаһыанньаны анал үөрэхтээх исписэлиистэр эрэ көннөрөр кыахтаахтар. Аҕыйах сылынан ити яблонялар улаатан, көрүөхтэн кэрэ сибэккилэринэн үөрдүөх этилэр. Дьон бөҕө сибэккилээх аллеяҕа хаартыскаҕа түһээри, анаан кэлиэх этилэр. Японияҕа сакура сибэккилиирин көрөөрү аан дойдуттан турист бөҕө кэлэр дии? Ол мастар эмиэ көрүү-истии күүһүнэн үүннэхтэрэ.
Атын куораттарга үйэлээх мастарга ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар, тоҕо диэтэр, күөх мас салгыны ыраастыыр, быылтан харыстыыр, хараҕы үөрдэр, ньиэрбэни уоскутар.
Маннык сыһыаны куорат дьаһалтата бохсон, миэрэни ылыан наада. «Сахатрасстрой» тэрилтэ эппиэккэ тардыллыахтаах!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: