Сөкүүндэҕэ 15-20  миэтэрэ тыалырыа

Сөкүүндэҕэ 15-20  миэтэрэ тыалырыа

25.04.2024, 08:00
Хаартыска -- СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр, синоптиктар Саха сиригэр күүстээх тыал түһэрин  билгэлииллэр.

Сорох улуустарга күнүс -23 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Бу туһунан Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрдэ. Хотугулуу-илин хаар түһүөҕэ, Дьааҥы, Томпо, Өймөкөөн улуустарыгар – күүстээх  хаардаах ардах түһүөҕэ. Соҕуруу улуустарга хаардаах. Эдьигээн, Дьааҥы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар, күнүс Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м күүстээх тыал түһүөҕэ. Түүн -3…-8 кыраадыс, илин -1…+4, дьайҕардаҕына -10…-15, хотугулуу-илин, хоту улуустарга  -18…-23 кыраадыс тымныы. Киин куоракка түүн кыралаан хаардыаҕа. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ  4-9 м түргэннээх тыаллаах, тыал күүһүрэр кэмигэр сөкүүндэҕэ  9-14 м тиийиэҕэ.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: