Саха сиригэр Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн сэлэлээн хаамыыга биир дойдулаахтар түмсүүлэрин тэрийиилэринэн үгүс улуустар ааттара дорҕоонноохтук ааттанна.
Киин куоракка олорор Дьааҥы улууһун түмсүүтүн салайааччыта Ольга Прудецкая дьааҥылар бу суолталаах тэрээһиҥҥэ хайдах кыттыбыттарын кэпсээтэ:
— Дьааҥы улууһун нэһилиэктэрэ куоракка олорор биир дойдулаахтарын түмэр дьоннорун улуустааҕы землячество түмсүүтүгэр эппиэттээх киһилэрин мэктиэлээбиттэрэ. Онон ыытар үлэбит олус көхтөөх, биллэ тэрээһиннээх гына тубуста. Биир дьону түмэр тэрээһининэн сэлэлээн хаамыы буолла.
Манна 30-ча киһи буолан кыттыыны ыллыбыт. Саамай актыыбынай дьонунан сартаҥнар буоллулар.
Кинилэри Василий Слепцов уонна Алена Слепцова-Стерлева көҕүлээтилэр. Бары нэһилиэктэр салайааччылара хас биирдии киһини кытта үлэлэһэн, дьон кыттыыта көхтөөх.
Бэйэлэрэ тикпит таҥастарын биир дойдулаахтарбыт, норуот маастара Раиса Другина, иистэнньэҥнэр Яна Климовская, Яна Саввинова, Елизавета Потапова, Раиса Горохова кэтэн кыттыыны ыллылар.
Дьааҥы биллэр уран тарбахтааҕа Елизавета Потапова «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа кыттан, «СӨ норуотун маастара» бочуоттаах аакка тигистэ. Талааннаах биир дойдулаахпытын ис сүрэхпититтэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Чугастааҕы улуустар дьоннорун сахалыы таҥыннаран, бары кэриэтэ «көһөн» киирбиттэрэ көстөр. Биһиги да улууспут чугаһа буоллар, Олоҥхо ыһыаҕар тиктибит таҥаспытын кэтэн, бэрт улахан холуоннанан хаамыа этибит. Биһиги Дьааҥыбытыгар иистэнэр, дьону көҕүлүүр, былыргы саха төрүт таҥаһынан таҥыннарар-симиир дьоммут үгүстэр. Холобура, Элгэскэ Наталья Климовская нэһилиэгин Далбар хотуттарын тигэн таҥыннарар да, үөрэтэр да. Олус тэрээһиннээх сэлэлээн хаамыыга кыттан баран, биһиги, дьааҥылар, бар дьоммутун саха омук былыргы үгэһин умнумуохха, сөргүтүөххэ, ыччаттарбытын утумнуурга көҕүлүөххэ диэн ынырабыт.
Эһиилги сэлэлээн хаамыыга өссө элбээн, холуонналар ахсааннарын элбэтэн, сахалар түмсүүбүтүн көрдөрүөҕүҥ!
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…