Сэлии тоҕо эстибитэй?

Share

Ол туһунан Саха сиригэр уһуллубут киинэҕэ кэпсиэхтэрэ.

Сэлии тоҕо эстибитин туһунан кэпсиир документальнай киинэни хас да сылы быһа уһулан, дьэ бүтэрбиттэрин  туһунан киинэни устубут бөлөх чилиэннэрэ пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэпсээтилэр.

Киинэни сүрүннээн Хотугу Муустаах муораҕа баар Новосибирскай арыыларга уһулбуттар, оонньонор киинэҕэ анаан бүтэһик каадырдары атырдьах ыйын бүтүүтүттэн балаҕан ыйын хабан Өлүөнэ өрүс дельтатыгар уһулбуттар. Дьон болҕомтотун тардар туһугар артыыстары  кытыннарбыттар, учуонайдар кыттыбыттар.

Биир сүрүн дьоруойунан  геоботаник Николай Лашинскай сылдьыбыт.

-Документальнай киинэҕэ уһулабыт диэн аҕалан бараннар, оонньонор киинэҕэ уһуллулар, — диэн күлэ-күлэ кини кэпсиир. – Айар үлэнэн умайа сылдьар дьоннуун үлэлиир олус интэриэһинэй эбит, араастаан уларыта, эксперименнии сылдьаллар. Бу киинэҕэ сэлии тоҕо эмискэ суох буолбутун быһаара сатаатыбыт, тугу аһаан-сиэн сылдьыбытын чиинчийдибит. Мууһуруу кэмигэр Саха сирэ тымныы кураанах салгыннаах буолан, мууһа суох этэ. Акыйаан уута 120 м аллара түспүтэ, Евразия уонна Эмиэрикэ континенын икки ардыгар сиринэн улахан муоста баар буолбута. Сэлиилэр онон холкутук киирэ-тахса сылдьыбыттара. Оттон хайа эрэ кэм буолан баран, акыйаан уута  үрдээн барбыта, ону кытта соҕуруу өттүттэн ойуур тоҕо анньан киирбитэ. Онон мэччирэҥнэрэ суох буолан эстибиттэрэ, ону кытта булчуттар да эбиилэспиттэрэ буолуо. Бүтэһик сэлии 3600-3700 сыллааҕыта Врангель арыытыгар охтубута. Атын кыыллар, холобур тайах, ойуурга олоро үөрэммиттэрэ, сайгак ойууру уҥуордаан истиэпкэ түспүтэ. Кыра кыыллар туох буолбутун билбэккэ да хаалбыттара. Киинэҕэ уһулла сылдьан биир санаан кэллим, сэлиилэр хаһан эрэ бу дойду хаһаайыннара этилэр, муҥура биллибэт ахсааннаахтара. Ол бэйэлэрэ бэрт кылгас кэм иһигэр эстибиттэр, биһиги итии хааннаахпытынан кинилэри кытта дьүөрэлиибит, онон ити эстии биричиинэтин билиэхтээхпит.

Актер Роман Шукри, бу киинэҕэ хас биирдии киһи бэйэтин оонньообутун бэлиэтээтэ. Кини дьоруойа суруналыыс буолар баҕалаах  артыыс Андрей Стаханов эбит.

Павел Серов, оператор: “Миигин соһутар уустук буолуо дии санаабытым, сөмөлүөккэ олорооппун кытта ол санаам сүппүтэ. Ол курдук ураты айылҕалаах дойду эбит. Аккумулятор, флешка тиийбэт айдааныгар сырыттым, Хоту дойду хатыламмат кэрэ көстүүтүн барытын уһулуоххун баҕараҕын. Өссө төннөн кэлэн, элбэҕи да элбэҕи устуохпун баҕарабын”.

Режиссер Илья Кравченко: “Биһиги киинэбитин улаатан эрэр оҕолорго анаан уһуллубут, чинчийээччи, полярник, геолог, археолог буолар ыра санааларын батыһан иҥнибэккэ-толлубакка  иннилэрин диэки баран иһэллэрин курдук”, — диэн түмүктээтэ.

“Сэлии тоҕо эстибитэй?” киинэ 2025 сыл сайыныгар тахсара былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago