Сэлии уонна былыргы киһи
Тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр…
Чурапчыга Хонду үрэххэ былыргы дьон олорбут сирдэрэ көстүбүтэ. Табылыннаҕына, кини хомосапиенстан саамай бастакы “разумнай киһи” буолуон сөп.
Өссө плейстоцен кэминээҕи бөрө көһүннэ диэн сонун өрөспүүбүлүкэни биир гына тилийэ сүүрбүтэ. Мантан сиэттэрэн, бу эйгэҕэ туох-ханнык үлэ бара турарын интэриэһиргээн, СӨ НА сэлии фаунатын үөрэтэр салаатын салайааччыта, биологическай наука докторын Альберт Протопоповы көрсөн кэпсэтиини хатылыыбыт.
Сэлии туһунан
– Альберт Васильевич, ити бөрө 44 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олорбута чуолкайданна. Ол саҕана Саха сирэ хайдах этэй?
– Ити ыйытар кэмиҥ хойукку плейстоцен дэнэр, 10 тыһыынчаттан 120 тыһыынча сыллары хабар. Сэлиилэр үөскүү сылдьыбыт кэмнэрэ. Ол саҕана сэлиини кытта тэҥҥэ сүппүт хаспах хахайа, бизон, былыргы сылгы, түүлээх носорог, овцебык, сайгак бааллар этэ. Оттон эһэ, бөрө, таба оччолорго да бааллара. Ити кэмҥэ килиимэтэ син биир маннык тымныы, кураанах салгыннаах этэ. Тиит, хатыҥ, бэс, харыйа барыта үүнэрэ, сирин ньуура Африка саваннатыгар майгынныыра, бөлкөй-бөлкөй ойуурдааҕа. Сэлии күҥҥэ 300 киилэ оту сиир буолан, киниэхэ киэҥ-куоҥ мэччирэҥ сир наадата, онон оту-маһы үлтү тэпсэн, ойууру үүннэрбэт этэ. Уһун үйэлээҕэ, 60-ча сыл олороро.
– Оттон тоҕо эстэн хаалбыттарай?
– Плейстоцентан галоцеҥҥа киириигэ, быһа холуйан 10 тыһ. сыл анараа өттүгэр, улахан итийии буолбута. Ардах тохтоло суох түһэр буолан, сир инчэйэн, ойуур умайбат буолбута. Устунан тарҕанан, мэччирэҥ сирэ кыараан барбыта. Онон аһылыга аччаан, эстэргэ барбыта, дьон да бултаһара.
– Дьон бултаспыт сэлиилэрин буллугут дуу?
– Бу сылларга биһиги элбэх булумньуланныбыт. 2019 с. Котельнай арыыга Иннокентий Павлов сэлии дьардьаматын булан, үөрэтэ-чинчийэ сылдьар, “Павлов сэлиитэ” диэн ааттаах. Ону чинчийэн сылдьан көрбүппүт, дьон өлөрөн эттээбит кыыллара эбит. 1000-тан тахса таас быһах суола, ойоҕоһугар уонна лаппаакытыгар икки үҥүү суола бааллара. Лаппаакытыгар сэлии уҥуоҕуттан оҥоһуллубут үҥүү төбөтө сылдьара. Ити киһи бултаспытын дакаастыырга наукаҕа улахан булумньу. Ити сэлии 24-26 саастаах, эдэрчи этэ. Бааһырыылаах диэн көрбүппүт, ол иһин соҕотоҕун сылдьарын бултаатахтара. Дьиҥэр улахан аарыма кыыл этэ. Оннугу да бултаһаллар эбит. Аны Абыйтан хахай төбөтүн уҥуоҕун булбуппут, онно сүүһүн ортотугар сүүнэ улахан үҥүү суола сылдьара. Олох биирдэ батары саайан кэбиспиттэр этэ. Оспотох, ол аата оннук өлбүт. Булуҥтан икки сыллааҕыта сэлии дьардьаматын аҕалбыппыт. Уҥуоҕун эмиэ дьон бысталаабыт этэ.
Киһи өлөрөн, астаабыт сэлиитэ 40 тыһ. сыллаах. Ол аата ол киһи эмиэ оччо саастаах буоларыгар тиийэр. Оччотугар ити даатанан ааҕан таһаардахха, кини хомосапиенстан саамай бастакы “разумнай киһи” бэрэстэбиитэлэ буоларыгар тиийэр. Онон биир сүрүн сорук – оччотооҕу киһи уҥуоҕун булуу.
Мээнэ көстүбэт
– Дьон олорбут сирин, киһини буллугут дуу?
– Киһи мээнэ көстүбэт. Кини кыыллар курдук кутаҕа түспэт, дьон быыһыыллар эҥин буоллаҕа. Чурапчыга Хонду диэн сиргэ иккис сылбытын үлэлии сылдьабыт. Онно сэлии, носорог, хахай, бизон уҥуохтара биир сиргэ баалларын таба тайанныбыт. Ол аата манна дьон олорбут сирэ эбит. Былырыын онно археологтары аҕалан үлэлэппиппит, онно кинилэр биир таас артефагы булбуттара. Ити эмиэ биһиги сабаҕалааһыммытын дакаастыыр.
Киһи уҥуоҕа билиҥҥитэ көстө илик. Былырыын икки уҥуоҕу киһи киэнигэр майгыннатан Новосибирскайга быһаартара ыыппыппыт. Ол эрээри биирэ таба, биирэ бөрө уҥуоҕа буолан хаалбыттара. Ити уҥуохтары дааталаппыппыт, 40-ча тахса тыһ сыл буолла. Ити киһи астаабыт сэлиилэрэ эмиэ оччо сыллаахтар. Ол аата, ол саҕана олорбут киһи эмиэ оччо саастаах буоларыгар тиийэр. Онон ити күнүнэн ааҕан таһаардахха, кини хомосапиенстан саамай бастакы “разумнай киһи” буоларыгар тиийэр. Дириҥ Үрэххэ көстүбүт икки киһи “разумнай” буолбатахтар быһыылаах. Кинилэр саастара 100 тыһ. сыл. Оттон Дюктайскай култуура дьонноро 36 тыһ. анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттара. Онон Хондуга киһи уҥуоҕун булан, радиоуглеводнай датировканан дакаастаатахпытына, ити дюктайдартан өссө антах түһүөхпүтүн сөп. Быйыл онно эмиэ үлэ саҕаланна.
– Бу сири ким эрэ ыйан ыыппыта дуу, бэйэҕит таба тайанныгыт дуу?
– Таба тайаныы диэн ити буолар. Холобур, Томскай уобаласка Волчья грива диэн сир баар. Ол сири 20 сылы быһа хаһан, иллэрээ сыл эрэ артефактары буллулар. Кыыл уҥуохтара бааллар, олору дьон тыыппыт суола баар, арай туттубут маллара эрэ көстүбэттэр. Онно холоотоххо, дьон туттубут малын биһиги иккис сылбытыгар тута буллубут. Итиннэ эмиэ мин кэллиэгэм Иннокентий Павлов үлэлии-чинчийэ сылдьар.
Сэлии эстибитин кэнниттэн сүрүннээн овцебыктар хаалаллар. Овцебыкка саамай хойукку булумньубут 2,5 тыһ. сыллааҕы, ол аат чуо дьоннор суох гыналлар. Тумат бөһүөлэгин таһыттан булбуппут. Овцебык уҥуоҕа элбэх, онон интэриэһинэй булумньу диэбиппитигэр датировка оҥорторобут. Билигин овцебыгы Канадаттан аҕалан, Аллараа Халыма, Булуҥ туундаратыгар ыыттыбыт, хаһан да мантан барбатах курдук үөскүү сылдьаллар.
– Оттон ити көстүбүт бөрө атыттартан туох уратылааҕый?
– 2021 с. урбаанньыт, биһигинниин үлэлэһэр Ефимов Павел Александрович булан ыыппыта. Ити аан бастакы улахан бөрө көһүннэ. Уҥуоҕа кыра соҕуһун иһин эдэрчи дии санаабыппыт, кырдьаҕас эбит.
– Үлэ тигинэс эбит. Өссө туох сиппэккэ-хоппокко турарый?
– Дьокуускайга сэлии аан дойдутааҕы киинин тэрийэргэ Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕа баар. Бу киин 5 комплекстаах буолуоҕа: криохранилище, лабораторнай корпус, түмэл, Мууһуруу кэмин паарката, кэтээн көрөр ыстаансыйа. Биһиги манна Дьокуускайга ПалеоДНК киинин оҥорон, 10-15 сылынан ити хайысхаҕа лидер буоларга дьулуһан үлэлии сылдьабыт. Итиннэ, бастатан туран, ДНК-ны ааҕарга Саха сиригэр биотехнология сайдыахтаах. Билигин санкция биллэриллэн, Аҕа дойдубут науката сайдарыгар үчүгэй кэм үөскээтэ.
Хаартыскалары Альберт Протопопов тиксэрдэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: