Сөмөлүөккэ хойутаабыт айанньыт билиэтин атастаһар кыахтаныаҕа
Арассыыйа тырааныспарын министиэристибэтэ көтөр аал тарыыбын саҥа быраабылатын таһаарда. Бу докумуоҥҥа этиллэринэн, айанньыт кэлэ-бара биир билиэти ылбыт буоллаҕына, сөмөлүөккэ хойутуур түгэнигэр ханнык баҕарар күҥҥэ атастаһар кыахтанар.
Билигин, өскөтүн айанньыт барар сөмөлүөтүгэр хойутаабыт буоллаҕына, кэлэр билиэтэ эмиэ умайар, авиахампаанньалар манна эппиэтинэһи сүкпэттэр. Онон айанньыт саҥа билиэти атыылаһарга күһэллэр.
Саҥа быраабыланан, айанньыт авиахампаанньаҕа сурук түһэрэн, хойутаабыт билиэтин ханнык баҕарар күҥҥэ атастаһар кыахтанар. Ону ааһан ыстараап быһыытынан, авиахампаанньа бу кэмҥэ сүгэр ороскуотун эрэ төлүүр усулуобуйата оҥоһулунна. Ол эбэтэр айанньыт билиэтин уларыттарарыгар эбии төлөбүрү төлөөбөт.
Саҥа быраабыла туох усулуобуйалааҕый? Бастатан туран, айанньыт авиахампаанньаҕа сөмөлүөтэ көппүтүн кэннэ икки чаас иһигэр рейскэ хойутаабытын уонна билиэтин атын күҥҥэ уларыттарар санаалааҕын биллэриэхтээх. Иккиһинэн, бу быраабыланан бара-кэлэ биир билиэти ылбыт буоллахха эрэ туһаныахха сөп.
Бу быраабыла кэлэр сылтан балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киириэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: