Сөмөлүөт Дьокуускайтан Харбиҥҥа быһа көтөр буолла

Сөмөлүөт Дьокуускайтан Харбиҥҥа быһа көтөр буолла

23.03.2023, 15:43
Хаартыска: "Якутия" авиахампаанньа пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

“Якутия” хампаанньа Дьокуускай-Харбин рейсин сөргүттэ. Пандемия саҕаланыаҕыттан, Кытай кыраныыссатын сабан олорбута. Билигин Кытай кыраныыссатын аһан, визалары биэрэн саҕалаата.

Муус устар 6 күнүттэн ыам ыйын 11 күнүгэр диэри хас чэппиэр аайы сөмөлүөт Дьокуускайтан Харбиҥҥа көтүөҕэ.

Дьокуускайтан сарсыарда 9 чаас 5 мүнүүтэҕэ көтөр, Харбиҥҥа 10 чаас 40 мүнүүтэҕэ тиийэр.

Харбинтан 12 чаас 20 мүнүүтэҕэ көтөр, Дьокуускайга күнүс 4 чаас 10 мүнүүтэҕэ кэлэн түһэр.

Билиэт сыаната 230 евроттан саҕаланар (билиэт атыыланар күнүгэр евро кууруһуттан халбаҥныыр). Билиэттэри номнуо атыылаан саҕалаатылар.

Харбин – Маньчжурия биир улахан, ураты көстүүлээх куората буолар. Манна элбэх мусуойдар, православнай храмнар, аквапаарка, океанариум, үөһээ өттүгэр эргийэр эрэстэрээннээх “Дракон” телебашня, «Дир Флэт» хайаттан хайыһарынан сырылыыр курорт, опера тыйаатыра, «Ванда Сити» паарка (“Диснейленд” курдук), о.д.а. бааллар.

Маны тэҥэ, Харбинтан Пекин, Шанхай, Санья, о.д.а. куораттарга быһа көтүөххэ сөп.

Сиһилии 8 800 700 2190 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп диэн “Якутия” авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: