Сөмөлүөт түһэригэр көлүөһэтэ алдьаммыт
03.06.2023, 13:34
Хаартыска: Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Бэс ыйын 1 күнүгэр Өлүөхүмэ аэропуордугар кэлбит сөмөлүөт түһэригэр көлүөһэтэ алдьаммыт. Тырааныспар борокуратуурата бэрэбиэркэни саҕалаата диэн СИА суруйар.
“АэроБратск” авиахампаанньа Як-40 сөмөлүөтэ Братскай-Өлүөхүмэ маршрутунан көппүт. Өлүөхүмэ аэропуордугар түһэригэр хаҥас шасситын пневматиката алдьаммыт.
Сөмөлүөккэ 22 пассажир уонна 4 экипаж чилиэннэрэ бааллар эбит. Хата, ким да эмсэҕэлээбэтэх, сөмөлүөт этэҥҥэ сири булбут.
Илин-Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата бэрэбиэркэ кэнниттэн бу быһылааҥҥа сыана быһыаҕа, буруйдаахтары быһаарыаҕа уонна тустаах миэрэлэри ылыаҕа.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: