Сөмөлүөттэр көтөр-түһэр балаһаларын салгыы өрөмүөннүөхтэрэ
Сөмөлүөттэр көтөр-түһэр балаһаларын салгыы өрөмүөннүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн тэлэбиисэринэн быһа сибээскэ тахсан ыйытыыларга хоруйдууругар иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга сөмөлүөттэр көтөр-түһэр балаһалара өрөмүөннэнэн, Москваҕа быһа көтүү сөргүтүлүннэ. Салгыы туох үлэ күүтэр?
— Аэропортары саҥардыы биһиэхэ улахан суолталаах. Авиация улуустар Дьокуускайга кэлэллэригэр, салгыы дойду киин куораттарыгар көтөллөрүгэр соҕотох көтөр суол. Дьокуускай аэропордун көтөр балаһатын саҥардыы улахан үлэтэ уһуннук барда. Бытархай үлэлэр хааллылар эрээри, олор балаһаҕа оруоллара суох. Сотору кэминэн Арассыыйа хампаанньаларын улахан сөмөлүөттэрэ көтөллөрүгэр эрэнэбит, — диэн Ил Дархан эттэ.
Сыл бүтүөр диэри Нерюнгри аэропордун комплексын үлэҕэ киллэрии сорук турарын иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ, Черскэй аэропордун бүтэрэр былааннаахтар.
Эһиил Мииринэй аэропордун саҥардар былааннаахтарын эттэ. Удачнай пордугар эмиэ ураты болҕомтону уураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: