Олоҥхо күнүгэр «Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Олоҥхо» ассоциация, «Ытык олоҥхоһут», «Ийэ кут», «Ыччат олоҥхоһут» уопсастыбаннай тэрилтэлэр үөрүүлээх холбоһуктаах мунньахтарыгар бастыҥнары чиэстээтилэр.
Тэрийэр кэмитиэт Уус Алдан улууһун олохтооҕо Семен Черноградскайы «Олоҥхону тарҕатыыга кылаатын иһин» номинацияҕа бэлиэтээн, анал Эҕэрдэ суругу туттарда. Семен Ильич араас омук тылынан олоҥхолуур эбит. Бу туһунан олоҥхоһут бэйэтэ бу курдук кэпсиир:
— Саха биэс олоҥхотун биэс тылынан толоробун. Бэйэм олоҥхобун — нууччалыы, «Элэс Боотур» диэн олоҥхону — английскайдыы, Роман Алексеев олоҥхотун — французскайдыы уонна бэйэм олоҥхобун — сербия тылынан. Английскайдыы тылга олоҥхобун Эмиэрикэттэн кэлэ сылдьар саха тылын үөрэтэр кыыс үөрэппитэ. Французскай тылга нэһилиэгим оскуолатын учууталын кытта дьарыктаммытым. Сербия тыла боростуойун иһин бэйэм үөрэппитим. Нууччалыыга наһаа майгынныыр. Онон Дьокуускайтан Москваҕа диэри айаҥҥа сөмөлүөккэ олорон, тылбын нойосуус билэн тиийбитим. Ити 8-9 мүнүүтэҕэ суоттанабын. Барытыгар биирдии ырыалаах. Омуктар олоҥхону саха норуотун кылаата буолан, интэриэһиргииллэр. Өссө бэйэлэрин тылларынан иһиттэхтэринэ, олох кэрэхсииллэр. Холобура, Сербияҕа наһаа сонурҕаан истибиттэрэ.
Ити курдук, аттыбытыгар сонун сүүрээни тарҕата сылдьар олоҥхоһуттарбытыгар болҕомто ууруллара олус наада. Семен Черноградскай Олоҥхо күнүгэр анаан чиэстэнэн, эбии кынаттанан, өссө хас да омук тылынан олоҥхолуурдуу санаммыта чахчы.
Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…