Саха эдэр худуоһунньуга Семен Луканси хартыыналарын Соҕуруу Кореяҕа быыстапкаҕа туруордулар.
Кини Арассыйа уһулуччулаах худуоһунньуга быһыытынан Коряеҕа быыстапкаҕа кыттарга ыҥырыллыбыта. Ол курдук, быйыл суруйбут «Саха кыыһа» үлэтэ Кореяҕа быыстапка сүрүн афишата буолла.
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Соҕуруу Корея Тэгу куоракка Арассыыйа уонна Узбекистан аныгы ускуустубатын худуоһунньуктарын аан дойдутааҕы быыстапката аһылынна. Арассыыйа биллэр худуоһунньуктарын кытта Саха сирин худуоһунньуга кыыс кэрэ мөссүөнүн туруорда. Бэлиэтээн эттэххэ, быыстапка Бонсан култуурунай киин 20 сылыгар ананар. « Инникитин даҕаны норуоттар икки ардыларынааҕы түһүлгэҕэ биһиги култуурабытын тарҕанарыгар күүскэ үлэлиэм уонна көҕүлүөм, – диэн эдэр худуоһунньук социальнай ситимнэргэ суруйар.
«Арассыыйа уонна Узбекистан аныгы ускуустубута» быыстапкаҕа Арассыыйаттан уонна Узбекистантан биэстии аатырбыт худуоһунньуктар кытталлар. Быыстапка 1 №-дээх саалатыгар Узбекистантан худуоһунньуктар Акмаль Нур, Шохруха Косимов, Бахтиёр Дедашев уонна Джабохирбек Ниязов кытталлар. Оттон иккис быыстапка саалатыгар көрөөччүлэр саха худуоһунньуга Семен Луканси үлэтин-хамнаһын кытта билсиэхтэрэ. Арассыыйаттан худуоһунньуктар — Бурятияттан Юлия Сотникова уонна Артем Ульянов, Арменияттан Мгер Чатинян үлэлэрин кытта билиһиннэриэхтэрэ.
Семен Луканси Амма улууһуттан төрүттээх биллэр худуоһунньук. Амма улууһун Өннөс нэһилиэккэ 1990 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр төрөөбүт. Худуоһунньук айар үлэтэ, бастатан туран, хотугу норуоттар уонна хотугу сир айылҕатын дьүһүйүүтүгэр олоҕурар. Кини аан дойдутааҕы уонна Арассыыйа быыстапкаларыгар, бэстибээллэригэр өрүү кыттар. Кини үлэлэрэ Саха сирин национальнай художественнай түмэлигэр, ону таһынан Мароккоҕа, Турцияҕа, Израильга, Финляндияҕа, Кытайга, Исландияҕа, Италияҕа, Канадаҕа уонна Мальтаҕа чааһынай кэлиэксийэлэргэ бааллар.
Быыстапка балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиир.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…