Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин биир тарбахха баттанар ураты тыыннаах худуоһунньуга Семен Луканси бэс ыйын 1-4 күннэригэр Стамбул куоракка буола турар “Артконтакт” диэн билиҥҥи искусство норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкатыгар кытта сылдьар.
Бу быыстапка-дьаарбаҥка кэлиҥҥи сыллартан бэттэх Турцияҕа биир бастыҥ тэрээһининэн биллэр. Быйыл манна 20 дойдуттан барыта балтараа тыһыынчаттан тахса кыттааччы кэлбит. Ол иһигэр Корея, Италия, Иран, Испания, Пакистан, Словакия, Германия, Арассыыйа, Азербайджан, Узбекистан, о.д.а. дойдулартан биллэр-көстөр худуоһунньуктар кытта сылдьаллар. Арассыыйа быйыл бастакытын улахан былаһаакканан кытынна. Барыта 200 квадратнай миэтэрэ иэннээх сиргэ быыстапкаларын туруорда. Манна Арассыыйа араас куоратыттан барыта 60 худуоһунньук кытта сылдьар.
Быыстапкаҕа барыта 150 галерея үлэлии турарыттан Семен Луканси “Yakutder” Турцияҕа Саха сирин култууратын уонна бииргэ үлэлэһиитин ассоциациятын аатыттан үлэлэрин туспа галереянан туруорда. Ассоциация салайааччыта Матрена Егорова иһитиннэрбитинэн, худуоһунньуктар быыстапкаларыгар түмсүү бу бастакы кыттыыта.
— Норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация быһыытынан, быыстапка ыытыллар ирдэбиллэригэр устааппытынан сөп түбэһэн, худуоһунньуктар быыстапкаларыгар бастакыбытын туспа галереянан кытынныбыт. Манна быыстапка координатора, худуоһунньук Айгуль Окутан өҥөтө улахан. Саха сирин култууратын, искусствотын биир биллэр худуоһунньукпут Семен Луканси билиһиннэрэ, көрдөрө сылдьар. Киниэхэ быыстапка кэмигэр ассоциациябыт көмө-тирэх буолар. Семен үлэлэрин көрөөччүлэр олус интэриэһиргииллэр. Галереябытын Стамбул куорат уонна оройуоннарын баһылыктара, Стамбулга Арассыыйа генеральнай консула Андрей Буравов, Турцияҕа Арассыыйа култууратын уонна наукатын киинин салайааччыта Александр Сотниченко, о.д.а. көрөн барбыттара, — диэн этэр кини.
Бу быыстапка биир сүрүн уратытынан манна аҥаардас худуоһунньуктар эрэ буолбакка искусствоны таптааччылар, коллекционердар, бизнес бэрэстэбиитэллэрэ мусталлар. Семен Луканси Турцияҕа бу үһүс быыстапката. Бу иннинэ кини 2017 сыллаахха Турцияҕа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн быыстапкатын туруорбута. Онтон былырыын Сафранболу куоракка ыытыллыбыт худуоһунньуктар айар лабораторияларыгар кыттыбыта. Турцияҕа кини уонтан тахса үлэтэ чааһынай коллекцияларга турар.
— Бу быыстапкаҕа кэлиҥҥи алта улахан үлэбинэн кытта сылдьабын. Худуоһунньукка хас биирдии быыстапка наһаа улахан суолталаах. Аан дойдутааҕы тэрээһиҥҥэ кыттар суолтата өссө улаханын таһынан олус эппиэтинэстээх. Бэйэҥ дойдугун, култуураҕын, искусствоҕын атын омуктарга, норуокка билсиһиннэрэр, көрдөрөр буоллаҕыҥ. Уонна биир идэлээхтэргин кытары кэпсэтэриҥ, кинилэр култуураларын, искусстволарын кытары билсэриҥ инники үлэҕэр да төһүү буолар. Иккиһинэн, маннык быыстапкалар, биллэн турар, норуоттар алтыһыыларыгар, бииргэ үлэлэһиилэригэр сүдү кылааты киллэрсэр. Тоҕо диэтэргин, норуоттар доҕордоһууларыгар уопсай биир тылы булуу, туох уопсайдаахпытынан үллэстии, ону өрө тутуу бу судаарыстыбалар икки ардыларыгар далаһа буолар. Буолаары буолан, билиҥҥи уустук кэмҥэ олус наада. Быыстапка түөрт күн устата ыытыллар. Ыам ыйын 31 күнүгэр сабыылаах көрдөрүү буолбута. Турция олохтоохторо сүрдээҕин интэриэһиргииллэр. Биир түүр төрүттээх омук буоламмыт Саха сирин билэллэр эбит. Бу үс күн устата наһаа элбэх киһи көрөн барда. Түгэнинэн туһанан, Турцияҕа саха култууратын тарҕата сылдьар ассоциациябытыгар дириҥ махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын, — диэн иһитиннэрэр Семен.
Турцияҕа Саха сирин култууратын уонна бииргэ үлэлэһиитин ассоциацията мантан салгыы аан дойдуга биллэр-көстөр худуоһунньуктар үлэлэрин Саха сиригэр илдьэн көрдөрөр былааннаах.
Хаартыскалар: ааптар архыыбыттан
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…