Семен Попов – Сэмэн Тумат: “Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста – дьоһун суолталаах тутуу”

Share

СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун бастакы сыбаайата түһүүтэ, судаарыстыбаннай суолталаах тутуу буоларын ыйар.

— Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан историческай күн аана аһыллар түгэнигэр тиийэн кэллибит. Ол тугуй? Ол – Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу саҕаланыытын бастакы сыбаайата ууруллар күнэ.

Ханнык баҕарар судаарыстыба хорук тымырынан, кини сайдыытынан, аан дойдуга тахсар мэктиэтинэн суолун-ииһин оҥостуута буолар. Ол курдук, Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу саҕаланыыта олус улахан суолталаах. Уопсайынан, БАМ курдук улахан тутуу аата-суола дуорайан тахсыаҕыттан ыла, Сэбиэскэй Сойуус саҕаттан, билиҥҥи Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бэйэтинэн суолта уурар тутуутугар хамсааһын барда. Мин санаабар, бу муоста тутуллуута судаарыстыбаҕа улахан үпкэ-харчыга турар быһыылаах. Ол гынан баран, биһиги судаарыстыбабыт дьаныһан туран өр сылларга үөрэттэ, хапытаалы мунньунан үбү укта. Ити күннээҕи дьаһал, ылбычча тутуу буолбатах. Суол-иис боппуруоһа Арассыыйаҕа хайа да үйэтээҕэр олус күүскэ турда. Ол стратегията тугуй диэтэххэ, бүтүн Евразия материгын эргийэр тимир суол оҥоһуллар буолла. Биһиги тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит – Саха сирэ онно холбонор кыахтанна. Дьоллоох-соргулаах норуот сайдыытын тирэҕинэн буолар суол-иис оҥоһуллуутугар өрөспүүбүлүкэ кыттара, мин санаабар, үчүгэй. Онон бүгүҥҥү бастакы сыбаайа түһүүтэ, судаарыстыбаннай суолталаах суол-иис аһыллыытын мэктиэтинэн буолар күнэ. Биһиги, аныгы кэм саастаах дьоно ол бэлиэ күҥҥэ тиийэн кэлбиппитинэн киэн туттабыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыба кыһалҕатын толуйсар кыаҕа үөскээн эрэриттэн ама, ким үөрбэт буолуой?! Саха сирэ Арассыыйа сайдыытын хорук тымыра буолан эрэрин бастакы саҕаланыыта бу сыбаайа түһүүтүнэн мэктиэлэнэр, — диэн санаатын этэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

3 часа ago