Семен Семенов: «Сэбиэскэй кэмтэн ыла өрөмүөннэнэ илик аэропортарга саҥардыы үлэтэ барда»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр  аэропортары саҥардыы үлэтин туһунан бэлиэтээтэ. 

«Полярнай авиалииньийэлэр» авиахампаанньа көтүүгэ дириэктэрин бастакы  солбуйааччы Семен Семенов бу суолталаах боппуруоска санаатын маннык үллэһиннэ:

Кэлиҥҥи биэс сылга улуус кииннэригэр аэропортары саҥардыыга биэс уон сыл устатын тухары оҥоһуллубатах улахан хамсааһын барда. Быйыл уонча улууска аэропорт көтөр былаһаакката, вокзала саҥардыллан үлэҕэ киирдэ. Ол курдук, Уус-Ньара, Хаандыга, Сангаар, Бүлүү, Полярнай, Нерюнгри, Черскэй, Өлүөхүмэ олохтоохторо саҥардыллыбыт аэропортар өҥөлөрүнэн  туһана сылдьаллар. Аны Мииринэйгэ саҥа аэропорт тутуллуоҕа, Ньурбаҕа саҥардыы үлэтэ барыаҕа. Бэлиэтээн эппитим курдук, өссө  сэбиэскэй кэмтэн ыла өрөмүөннэнэ илик аэропортарга саҥардыы үлэтэ барда.   

Маны таһынан, мин Ил Дархан пилота суох көтөр аппарааттары айылҕа иэдээнигэр, ыраах улуустарга таһаҕаһы тиэйиигэ туттарга үлэ барыаҕын туһунан  сэргии иһиттим. Онон күнтэн-дьылтан тутулуга суох, киһитэ суох көтөр аппарааттары туһаныы норуот хаһаайыстыбатын сайдыытыгар олус улахан көмөлөөх буолуоҕа. 

Бэлиэтээн эттэххэ, кэлиҥҥи сылларга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни салайар сылларыгар кини иннинээҕи өрөспүүбүлүкэ салайааччылара түбэспэтэх ыарахан кэмнэрэ буолан аастылар.  Ол олох уустуктара барыбытыгар биллэн ааста: иэдээннээх ойуур баһаардара, сыстыганнаах дьаҥ пандемията, байыаннай дьайыы… Бу эппиэтинэһэ барыта биир киһи санныгар сүктэрилиннэ диэтэххэ, этэн кэбистэххэ эрэ дөбөҥ. Быһаарыыны эрэйэр үгүс уустук боппуруостарга Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин толкуйдаах бэлиитик, сатабыллаах экэнэмиис, ылыннарыылаах тыллаах салайааччы быһыытынан көрдөрдө. Аҕа баһылык быйылгы сыллааҕы Анал этиитигэр олох бары боппуруостарын таарыйан, Саха сирин олохтоохторун кэскилэ сарсыҥҥылааҕа көһүннэ. 

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago