Салгыы
Сэмэн Тумат: «Сахам сирин дьолун-соргутун туһугар санаабын холбуубун!»

Сэмэн Тумат: «Сахам сирин дьолун-соргутун туһугар санаабын холбуубун!»

07.09.2023, 18:24
Хаартыска: Денис Попов (Сахамедиа).
Бөлөххө киир:

Көмүс күһүммүтүн кытары быйылгы быыбарбыт бу тиийэн кэллэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттаары сылдьар дьон санааларын ааһан, бастаан хайдах-туох быыбардаабыттарын ыйыталастыбыт.

Сэмэн Попов-Сэмэн Тумат, СӨ норуотун суруйааччыта, П.А. Ойуу­нускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата:

– Мин, 1944 сыллаахха төрөөбүт киһи, күн бүгүҥҥэ диэри үтүмэн үгүс быыбарга кыттан кэллим. СӨ бастакы бэрэси­дьиэнэ Михаил Ефимович Николаев былааска тахсыытын, ол быыбар кыайыытын дорҕоонун көрбүт дьоллоохпун. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин суверенитетын ылынан, дьаһанан эрэр бастакы тосхолун көрдөрбүт киһинэн Михаил Ефимович буолар. Кини бы­­лааска тахсыыта, андаҕар биэриитэ барыбыт сүргэбитин улаханнык көтөхпүтэ.

Быыбардар олус көхтөөхтүк, норуот бары эйгэтин көтөҕөр сыаллаах-соруктаах бараллар. Норуот ону өйдөөтө уонна бэйэтин санаатын толору этэр салайааччыны, дьокутааты хандьыдаатынан туруорарга дьулуһар, салгыы даҕаны дьулуһуо дии саныыбын.

Быйылгы быыбар дойдубут улахан кыһалҕалаах кэмигэр, норуот түмсүүлээх буоларын хааччыйар хайысхаҕа барарын быһыытынан, бары тахсан бэйэбит куоласпытын биэрэрбит сөптөөх. Онон Арассыыйа, Өрөспүүбүлүкэ гражданинын быһыытынан быыбарга үөрэ-көтө куоласпын биэрэргэ бэлэм сылдьабын. Арассыыйабын көмүскүүбүн, Сахам сирин дьолун-соргутун туһугар  санаабын холбуубун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: