Сэминээри сэргээтилэр
Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ «Социальное проектирование как технология развития малых территорий: повышение уровня благополучия детей» диэн ааттаах сонун сэминээр-тренинг буолла.
Ыалдьыттарбыт Дьокуускай куораттан, Саха сирин биир кэлим ресурснай киинин исписэлиистэрэ Надежда Ноговицына уонна Леонид Саввин кэлэн, бэрт интэриэһинэй тэрээһини ыыттылар. Сүрүн үлэ Елена, Геннадий Тимченколар аһымал пуондалара ыытар граннарын күрэһэр бырайыак суруйуутун тула үөрэх буолла. Сэминээр кыттыылаахтара бэйэлэрин үөрүйэхтэрин, ханнык бырайыактары олоххо киллэрбиттэрин туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа 51 киһи кыттыыны ылла. Учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ уонна үөрэнээччилэр элбэх ыйытыыны биэрдилэр, санааларын үллэһиннилэр.
Манна кыттыбыт дьон бырайыагы суруйарга үөрэнэн, билэн-көрөн, саҥаҕа үөрэнэн, бары астынан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Туһалаах сэминээр буолла диэтилэр, маннык тэрээһин өссө да ыытылларыгар баҕардылар.
Саргылана Петрова,
Бэрдьигэстээх, Горнай.
Хаартыскаларга Семен Семенов түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: