Сэмсэ санаа: Айталина Захарова: “Өксөкүлээх суруга ураты суолталаах”

Share

Национальнай архыып сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын отделын салайааччыта Айталина Захарова «Сэмсэ санаа» биэриигэ Өксөкүлээх Өлөксөй реальнай училищеҕа үөрэммит дневнигэр тугу суруйбутун, сыаналарын, өйтөн суруйуутун учуутала хайдах сыаналаабытын туһунан докумуоннарга олоҕуран кэпсээтэ.

 

Архыып саамай былыргы докумуона

– Айталина Афана­сьевна, Саха сирин архыыбыгар харалла сытар саамай былыргы докумуон ханныгый?

– Архыыпка харалла сытар саамай былыргы докумуон 17-с үйэҕэ дойдубутугар  буолан ааспыт биир түгэни кытары сибээстээх. 1648 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр  Арассыыйа устуоруйатыгар улахан суолталаах тууска сыһыаннаах өрө туруу, нууччалыы эттэххэ, “соляной бунт” диэн буола сылдьыбыт. Ол курдук, ити кэмҥэ тууска түһээн (нолуок) үрдээбит. Ону сөбүлээбэккэ дьон өрө туран, стрелецтэр кыттыһан улахан араллаан тахсар.  Маны күөттээбит дьону тутаттааннар, элбэх киһини хаайыыга, сыылкаҕа ыыталлар. 1649 сыллаахха Сибиир бирикээһэ (билиҥҥи министиэристибэ курдук) ­уураах ылынан,  Саха сиригэр ити араллааҥҥа кыттыбыт уонтан тахса киһини Москваттан Тобольскай куоратынан эргитэн, сыылкаҕа ыыталлар. Дьэ ол уураах  биһиги архыыппыт саамай былыргы докумуонунан буолар.

– Хайдах хас да үйэлэри уҥуордаан, ити докумуон хаалан хаалбытый?

– 18-с үйэҕэ Фридрих Миллер Сибиир төрүт олохтоох­торун 1733—1743 сылларга үөрэтэ сылдьан, уобаластаа­ҕы управление архыыбыгар үлэлээн, элбэх докумуо­ну Москваҕа илдьэ барбыта.  Билигин киниэхэ махтаныах тустаахпыт, тоҕо диэтэххэ, ол кэнниттэн хас да баһаар буолан, үгүс докумуон күл-көмөр буолбута. Ол гынан баран, саамай былыргы докумуоммутун Миллер, арааһа, көрбөтөх быһыылаах, онон илдьэ барбатах. Ити докумуон архыыпка номнуо 400-чэ сылы быһа үчүгэйдик харалла сытар.

Кумааҕыга оҥоһуллубут докумуоннары солбуйар атын суох. Суруллубут – суоруллубат. Былыргы докумуоннар хайдах баалларынан харалла сыталлар. Кумааҕыларын хаачыстыбата да үчүгэй, кырааскалара да суураллыбат эбит. Кылаабынайа,  харайар усулуобуйатын оҥордоххо, төһө баҕарар өр сытыан сөп.

Сэдэх докумуоннар

– Бу кэннэ өссө  ханнык былыргы докумуоннары ааттаталыаҥ этэй?

–  1663 сыллаахха Спасскай эр киһи манастыыра тутуллубута. Билиҥҥи Ярославскай аатынан түмэл сиригэр. Ивашка Афанасьев диэн куорат олохтооҕо ыраахтааҕы Алексей Михайловичка сурук суруйар. Спасскай эр киһи манастыырын тутарга көҥүл ыллым, онон тутуу ыытарга көҥүллээҥ диэн көрдөһөр.  Ол 1661 сыл­лаах сурук эмиэ архыыпка харалла сытар.

Биһиги архыыппытыгар ханна да суох, “Реестр уникальных документов” диэн испии­һэктээхпит. Национальнай уонна муниципальнай  архыып­тарга балтараа мөлү­йүөнтэн тахса дьыала харалла сытар. Биир дьыала иһигэр сүүһүнэн докумуон баар буо­луон сөп. Онон билигин биһиги Саха сирин устуоруйатын 17-с үйэттэн кэрэһилиир балтараа эрэ мөлүйүөн диэбэккэ, уонунан мөлүйүөн докумуон харалла сытар диэн кэпсиибит. Бу испииһэктэн  4 эрэ докумуон сэдэх быһыытынан быһаарыллан,  эспэртиисэни ааспыта.  Сэдэх, ол аата ханна да суох, ханна да хатыламматах, Саха сиригэр, норуотугар, устуору­йатыгар уһулуччу суолталаах докумуоннар. Ити түөрт иһигэр бастаан кэпсээбит докумуонум киирэ сылдьар.

Иккис сэдэх докумуонунан  Дьокуускай куорат остуруогун былаана буолар.  Сибиир куораттарыттан бастакынан 1768  сыллаахха Дьокуускай бы­­лаанын  Турчанинов диэн киһи оҥорбут. Ол былаана бэйэтэ хартыына курдук, араас өҥнөөх кыраасканан уруһуйдаабыт.  Бу чертеһу көрөн, биһиги куораппыт 17-18 үйэлэргэ хайдаҕын хараххар ойуулаан көрөҕүн.

Үһүс ураты суолталаах  докумуонунан бөлүһүөк, суру­йааччы Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Интеллигенцияҕа суруга” буолар. 1912 сыллааҕы сурук. Былырыын “Интеллигенцияҕа сурук” бичиккэ тиһиллибитэ 110 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Сүрдээх сэдэх докумуон буоларынан реестргэ киллэриллибитэ.

Төрдүһүнэн, 2005 сыллаахха  сэтинньи 25 күнүгэр Парижка ЮНЕСКО ыстаап кыбартыыратыгар олоҥхо киһи аймах тылынан айбыт уонна материаль­найа суох нэһилиэстибэтин кылаан чыпчаалынан – шедевр быһыытынан биллэриллэн, ол сибидиэтэлистибэтэ сэдэх докумуоннар ахсааннарыгар киирбитэ.

– Ол реестргэ киириини ким быһаарарый?

– Сыаналаах, дьиҥнээх докумуоннары архивистарбыт ымпыгар-чымпыгар диэри хасыһан үөрэтэллэр. Көннөрү уонна сэдэх докумуоннар баалларын Култуура министиэристибэтин иһинэн үлэлиир эспиэртинэй хамыыһыйа үөрэтэн баран, анал бирикээһи таһаарар.

Өксөкүлээх дневнигэ

– Соторутааҕыта Хаҥа­ласка Саха Өрөспүү­бүлүкэтин бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимин уонна Николаев-Киин көҕүлээһиннэринэн  “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн аахсыйа ыытыллыбыта. Онно Өксөкүлээх суруктарын, үөрэммит дневнигин көрдөрбүккүн үгүс киһи сэҥээрбитэ.  Уопсайынан, хас итинник сурук баара буолуой?

– Наталья Малышева Өксөкүлээх Өлөксөй суруктарынан дьарыктаммыта ыраатта. Иккис-үс сурук баар дииллэр. Биһиэхэ сытар суруга графологическай эспэртиисэни ааһан, дьиҥнээхтик Өксөкүлээх Өлөксөй кыһыл өҥнөөх чэрэниилэнэн суруйбута дакаастаммыта. Ити суругу 1930-с сыллардаахха Максимов диэн киһи архыыпка биэрбит диэн суруллар. Ол гынан баран, бу киһиэхэ ити сурук хайдах баар буолбута, төһө уһуннук уура сыппыта  баччааҥҥа диэри быһаарылла илик.

1996 сыллаахха аан бас­таан архыыпка үлэлии киирэрбэр, Алексей Кулаковскай докумуон­нарын араас пуон­далартан хомуйан,  биир сиргэ түмэргэ сорудахтаабыттара. Уопсайа 200-чэ дьыаланы түмпүппүт. Маны таһынан, Людмила Реасовна Кулаковская хас да сыллар усталарыгар күнүстэри-түүннэри үлэлээн, биһиги архыыппыт докумуоннарыгар олоҕуран,  “Научная биография Алексея Кулаковского” диэн монографияны  оҥорбута. Онон, Людмила Реасовна архыып үлэтигэр улахан кылаатын киллэрбитин туһунан куруук бэлиэтээн этэбин.

Георгий Петрович Башарин улуу дьоммут сырдык ааттарын үйэтитиигэ үгүс сыратын уурбутун бары билэбит. Өксөкүлээх Өлөксөйү үйэтитиигэ эмиэ улахан оруол­лаах. Кини бу Орто дойдуттан суох буолбутун кэннэ, кэргэнэ Кыыдаана Ивановна Платонова Георгий Петрович Кулаковскай туһунан дириҥ ис хоһоонноох докумуоннарын Национальнай архыыпка биэрбитэ. Эспэртиисэ ыытан баран, “Коллекция Башарина. Документы Кулаковского” диэн улахан пуонда тэриллибитэ. Онтон 40-тан тахса дьыала пуон­даҕа киирэн уһулуччу суолталаах буолан, Национальнай архыыпка харалла сытар.

Биһиги Кулаковскай докумуоннарын үйэтитэн, эдэр ыччат биллин-көрдүн, үөрэттин диэн сыаллаах үлэлиибит.

– Кулаковскай доку­муоннарыттан өссө туох интэриэһи тардар баарый?

– Алексей  Кулаковскай реальнай училищеҕа үөрэммит сылларын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Училищеҕа оскуола курдук, үөрэнээччилэр  эмиэ дневниктээхтэр эбит. Алексей Кулаковскай үһүс кылааска үөрэнэ сылдьыбыт дневнигэ биһиэхэ хараллыыга киирбитэ. Оччотооҕу оҕолор дневниктэрэ билиҥҥитээҕэр туох да атына суох курдук. Ол гынан  баран, аахтахха-көрдөххө, наһаа интэриэһинэй суруктар бааллар. Холобур, Алексей Елисеевич олунньу 1 күнүгэр маннык суруйбут: “Учения не было по случаю мороза”. Ол аата тымныы буолан оҕолору үөрэппэтэхтэр эбит. Аны Масленица буолан, үс күн үөрэммэтэхтэрин туһунан бэлиэтэммит. Бу маны аахтахха,  оччотооҕу кэм, быһыы-майгы көстөн кэлэр. Дневниккэ Алексей аҕата Елисей Кулаковскай илии баттааһына баар. “Прилежание”, ол эбэтэр бэрээдэгэ диэҥҥэ хас илиис аайы киниэхэ “5” сыана турар.

Архыыпка өссө реальнай училище кондуитнай сурунаала баар. Урут реальнай училищеларга хас биирдиилэригэр “Кондуитнай сурунаал” диэн баар буолар эбит. Бу манна үөрэнээччилэр дьиссипи­лиинэлэрин,  бэрээдэктэринин  бэлиэтииллэр. Оҕо бэрээдэги кэстэҕинэ, манна барытын  суруйаллар эбит. Биһиги интэриэһиргээн көрбүппүт, Алексей Кулаковскай училищеҕа түөрт сыл үөрэнэр кэмигэр биирдэ эрэ  уруогун көтүппүт.

Маны таһынан, Кулаковскай үөрэнэ сылдьан суруйбут өйтөн суруйуулара бааллар. Кыра оҕо диэтэххэ, сүрдээх интэриэһинэй, философскай ис хоһоон­ноох өйтөн суруйуулар. Реальнай училищеҕа Москватааҕы университеты бүтэрбит преподавателлэр үлэлиир буоланнар, үөрэтии таһыма үрдүк эбит. Ушаков диэн МГУ-ну бүтэрбит нуучча тылын преподавателин Алексей Елисеевич “Любимейший мой преподаватель” диэн ааттыыр эбит. Ол киһи Алексейга “4” сыананы туруоран баран, кыһыл уруучуканан маннык суруйбут: “Кулаковский, как видно, поработал над темой. Но мало доказательности. Положим, что почти все мысли правильные, но ни на чем они не обоснованы. Не нужно допускать такого промаха в последующих работах и тогда сочинения еще будут лучше” диэн суруйбут. Бу аҥаардас өйтөн суруйуу эрэ буолбакка, ол саҕанааҕы учууталлар, преподавателлэр оҕоҕо сыһыаннарын, кинилэр ирдэбиллэрин, хайдахтаах курдук үлэлэригэр эппиэтинэстээхтэрин көрдөрөр докумуон буолар. Онон, хас биирдии докумуону араас өттүттэн көрөбүт.

Дьокуускай уһун кэмҥэ архыыба суох этэ

– Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан олус интэриэһинэй түгэннэри кэпсээтиҥ. Тиэмэбитин арыый уларытыахха. Билигин архыып ситимэ хайдах үлэлии олороҕут?

– 2016 сыллаахха диэри Саха сиригэр архыып дьыалатын салайар туспа департамент баар этэ. Билигин СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэрис­тибэтин иһинэн архыып дьыалатын салайар дьоҕус отдел баар. Отделга Национальнай архыып, “Центр аудиовизуального наследия народов РС(Я)” ГАУ уонна 36 муниципальнай архыып киирэллэр.

Атын эрэгийиэннэри көрдөххө, холобур, Дагестан, Чечня, Татарстан, Башкирия курдук национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ архыып дьыалатынан дьарыктанар бэ­­йэлэрэ туспа судаарыстыбаннай уорганнаахтар. Сорохтор бырабыыталыстыба иһинэн, сорохтор управление, кэмитиэт курдук үлэлии олороллор.

– Оттон Арассыыйа үрдүнэн архыып ситимэ хайдах үлэлиирий?

– Арассыыйаҕа “Росархив” диэн федеральнай ааҕыныс­тыба баар. 1918 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Владимир Ленин бастакынан “Декрет об архивах” диэни тэрийбит. Онно дойду үрдүнэн үлэлии олорор архыыптары түмэн киин архыып баар буолбут. Ол онтон силистэнэн-мутуктанан билиҥҥээҥҥэ диэри “Росархив” ааҕыныстыба үлэлии олорор.

– Дьокуускайдааҕы му­ни­ципальнай архыып хас сыл­лаахха тэриллибитэй?

– Уһук Илиҥҥэ уонна Сибиир устуоруйатыгар Дьокуускай куорат улахан суолталаах. Саамай былыргы, кырдьаҕас куорат. Ол гынан баран, олох хойуккааҥҥа диэри бэйэтэ архыыба суох эбит. 1996 сыллаахха Дьокуускай куорат дьаһалтатын иһинэн отдел тэриллэр. 2022 сылтан саҕалаан дьэ бэйэбит туспа муниципальнай хааһына тэрилтэтэ буоллубут. Былырыын куорат салалтата өйөөн, Дьокуускай үбүлүө­йүгэр анаан биир  дьоһун суолталаах  үлэбитин – «История города Якутска: день за днем, год за годом… 1632-1990. Часть 1» диэн кинигэни оҥордубут. Кинигэ аҕыйах ахсаанынан тахсыбыта.

Дьиэ-уот кыараҕас

– Архыып уопсастыбаннай сүбэтин салайар киһи быһыытынан туох кыһалҕа баарый?

– Кыһалҕалар уруккуттан архыыпка элбэхтэр. Былыргы докумуоннары харайыы боппуруоһа, сөптөөх температураҕа тутуу, түүнүгү кытта охсуһуу уонна да атыттар. Ханнык баҕарар архыыпка итинник кыһалҕа баар. Биһиэхэ сүрэх бааһа буолбут биир боппуруос­таахпыт. 20-чэ сыл буолла ити турбута. Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ биир былыргы, баай архыыппыт 120  бырыһыан туолан, Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн докумуоннарын кыайан ылбакка турабыт. Ол да иһин уопсастыбаннай сэбиэт тэриллибитэ. 200-чэ киһи илии баттааһыннаах туруорсуулаах сурук ыытаммыт эмиэ төһүү буолбута. Вице-премьер Сергей Местников кэлэн көрбүтэ, билсибитэ. Билигин бырайыактыыр докумуон оҥоһулларыгар сорудах бэриллэн, минис­тиэристибэлэр ол үбүн-харчытын буларга үлэлэһэ сылдьаллар. Онон 1,5 мөлүйүөн докумуон хараллар кыахтаах аныгы архыып дьиэтэ тутуллуоҕа диэн эрэнэбит.

Архыыпка дьон сэдэх докумуону туттарыан сөп дуо? Баҕа санааҥ.

– Айталина Афана­сьевна, өссө маннык ыйытыылаахпын. Холобур, биир эбит киһи эһээтин дуу, эбээтин дуу урукку сэдэх докумуонун архыыпка туттараары гыннаҕына, хайдах дьаһаныахтааҕый?

– Төһө да историческай суолталаах докумуон буол­бутун ла иһин,  архыыпка  ыллыҥ  да туттарбаккын. Бастатан туран, сокуоҥҥа олоҕуран,  докумуоҥ­ҥа эспэртиисэ барыахтаах. Иккиһинэн, туспа пуонда тэриллиэхтээх. Аҥаардас биир докумуону ханнык да пуондаҕа ылбаккын. Туспа бэрээдэк баар.

Хас биирдии тэрилтэ салайааччыта, докумуону кытта үлэлиир исписэлиис номенклатура, ханнык докумуон хас сыл хараллыахтааҕын, хаһан архыыпка туттарыллыах­тааҕын билэр буолуох­таах. Улуус, нэһилиэк, тэрилтэ салайааччылара кинилэр илии­лэригэр улуустарын, нэһилиэк­тэрин устуоруйата баарын өйдүөх тустаахтар. Кинилэр архыыпка туттарыллар докумуоннары ирдиир, хонтуруол­луур буоллахтарына тэрилтэ, нэһилиэк, улуус устуоруйата үйэттэн үйэҕэ баар буолуоҕа.

Түмүккэ кэллиэгэлэрбэр, бииргэ үлэлиир дьоммор туһаайан олус наадалаах үлэни оҥорорбутун этэбин. Устуоруйаны кэрэһилиир докумуоннары үйэтитэбит. Ити үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

– Айталина Афана­сьевна, олус интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

7 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago