Семён Романов кэриэһигэр ырыа куонкуруһа түмүктэннэ

Share

Ахсынньы 17 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтин Култууратын дьиэтигэр «Ырыа – олох аргыһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурус хайыы үйэ сэттис төгүлүн ыытылынна. Куонкурус биллиилээх,  таһыччы талааннаах ырыаһыт уонна аккомпаниатор-баянист Семён Дмитриевич Романов сырдык кэриэһигэр ананар.


Семён Дмитриевич Романов 1952 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр холкуостаахтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Семен 7 саастааҕар Дьокуускайга көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларыгар киирбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, Новосибирскайга тиийэн Көрбөттөр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын үөрэтэр-производственнай тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ.
Хайыы үйэ оскуола сылларыгар кини муусукаҕа таһыччы талаана биллибитэ. Семён Дмитриевич ураты үчүгэйдик истэр буолан, араадьыйаҕа истибит ырыаларын нуотанан ыллыыр курдук тута толорон барара. Кини бэйэтин талаанынан биһигини, биир кылааска үөрэнэр оҕолорун эрэ буолбакка, иитээччилэри уонна оскуола учууталларын сөхтөрөрө. Ол иһин, оскуолаҕа киниэхэ «Төрүт талаан» диэн бочуоттаах ааты иҥэрбиттэрэ.
Семен Дмитриевич олус кэпсэтинньэҥ, аламаҕай уонна аһаҕас киһи этэ, биһигиттэн хайабытыгар баҕарар көмөлөһөрө. Кини өйгө тутар үтүөкэн дьоҕурдааҕа уонна мэлдьи кинигэттэн быһа тардыыларынан, кынаттаах тылларынан саҥаран иитээччилэрин, учууталларын дьиктиргэтэрэ.


Кини Новосибирскайга уус-уран самодеятельноска көхтөөхтүк кыттара, хор солиһа уонна баяҥҥа аккомпаниатор этэ. Баян кини илиитигэр тыыннаах үнүстүрүмүөҥҥэ кубулуйара. Саха сирин биллиилээх мелодиһа уонна баяниһа Аркадий Михайлович Алексеев ааспыт үйэ 80-с сылларыгар кини туһунан видео-килииби мээнэҕэ устубатаҕа. Ити кэмҥэ тэлэбидиэнньэҕэ видео-килииптэр уһуллан көстүүлэрэ сэдэх этэ.
Семен Дмитриевич 70-с сыллар саҥаларыгар төрөөбүт сэлиэнньэтигэр төннөн кэлбитэ уонна кулуупка аккомпаниатор-баяниһынан үлэтин саҕалаабыта. Павел Павлович Егоровтыын дэҥҥэ көстөр дуэты тэрийбиттэрэ, кинилэр ырыаларын курдугу мин билигин истэ иликпин. «Ехал я из Берлина», «Смуглянка» уо.д.а. курдук уһулуччу үчүгэй мусукаалынай айымньылары толороллоро. 80 сыллар саҕаланыыларыгар Саха сирин дьонун сүрэхтэрин сүүйбүт «Төлөн» эр дьон ансаамбылын тэрийбиттэрэ.
1994 сыл ахсынньытыгар Майа сэлиэнньэтигэр Семен Дмитриевич Романов айар киэһэтигэр Матвей Матвеевич Лобанов кыттан кини айар үлэтин алҕаабыта. Бу айар биэчэргэ Семен Дмитриевичкэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэ күлүүһүн уонна сэбиэскэй ырыалары киэҥник тарҕатар өр сыллаах айар үлэтин, Саха араадьыйатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин быһыытынан көхтөөх үлэтин иһин, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» бочуоттаах ааты иҥэрбиттэрэ. Мин Семен Романовы Саха сиригэр көрбөт уонна уһулуччулаах ырыаһыттартан ини бии Матвей уонна Федор Лобановтар кэннилэриттэн үһүс киһинэн туруорабын.
1999 сыллаахха «Толбон» үөрэтэр-производственнай ааҕар кииҥҥэ Семен Дмитриевич Романов мусукаалынай дьоҕурун сырдатар туһуттан кини ырыаларын бастакы компакт-диискэтэ тахсыбыта.

Быйыл Семен Романов кэриэһигэр ыытыллар бу куонкурус Кылаан бирииһин Рустам Слепцов ылан, Семен Дмитриевич аймахтарыттан сыаналаах бэлэҕи ылла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтин Култууратын дьиэтин хора «Норуодунай хорунан» буолла уонна хорга Семен Дмитриевич Романов аата иҥэрилиннэ.
Мин өрөспүүбүлүкэ хараҕа суох дьонун уонна тус бэйэм ааппыттан Табаҕа сэлиэнньэтин Култууратын дьиэтин дириэктэрэ Е.Г.Бурнашоваҕа уонна кэлэктиипкэ ураты көрүүлээх ырыаһыт уонна бэртээхэй аккомпаниатор-баянист айар үйэтин тарҕаталларын уонна өйүүллэрин иһин истиҥ махталбын тириэрдэбин.

Эбэн эттэххэ, Семен Дмитриевич Романов  1994 сыллаахха буолбут айар биэчэрин  кэнсиэрин бу сыылканан киирэн  көрү4 син уонна эдэр сааскытын санаан астына дуоһуйуҥ.

Пантелеймон ЕГОРОВ, С.Д.Романов оскуолаҕа бииргэ үөрэммитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago