Сенатор Егор Борисовы кытта биир күн
Бу манна, Чурапчы сэлиэнньэтигэр, “Арҕаа Баc” түөлбэҕэ, аҕата Афанасий Егорович туппут дьиэтигэр 1954 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр, кус оҕото көтөр кэмигэр, булт-алт үгэнигэр, эдэр ыал Барыыһаптарга бастакы оҕолоро – уоллара Гоша күн сирин көрбүтэ.
Аҕата, байанайдаах булчут, уолум хата булчут буолуо диэн иһигэр олус үөрбүт буолуохтаах. Оннук да буолбута. Егор уончатын ааһаат, төрөөбүт тиэргэниттэн букатын чугас үс көлүкэчээн күөл баарыттан биирдэстэриттэн аан маҥнайгы куһун бултаан аҕалбыта! Ийэтэ Прасковья Ильинична барахсан онно, булчут эбилиннэ диэн, эмиэ олус долгуйдаҕа, үөрдэҕэ… Аҕыс оҕолоох саха ыалыгар бу – улахан суолталаах сабыытыйа!
Атах-тэпсэн олорон кэпсэтии
Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр, дьэ итинник истиҥ кэпсэтиилэртэн, дьоллоох оҕо саас умнуллубат түгэннэрин ахтыылартан, Егор Афанасьевич төрөөбүт тиэргэниттэн “РФ сенатора Егор Афанасьевич Борисовы кытта биир күн” диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үһүс Бэрэсидьиэнэ, Бастакы Ил Дархана, Российскай Федерация сенатора Егор Афанасьевич Борисов 70 сааһын көрсө, СӨ Инновация министиэристибэтин, “Саха бэчээт” тэрилтэ, “Чурапчы улууһа” МО, “Саҥа олох” хаһыат көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт пресс-тур саҕаланна. Тэрээһини Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, баһылыгы солбуйааччы Мария Кронникова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Чурапчы сиригэр үктэнээт, сахалыы сиэринэн Арчы дьиэтигэр алгысчыт алгыһын ылан, саламаатынан, арыылаах алаадьынан күндүлэнэн кэлбит суруналыыстары Егор Афанасьевич бэйэтин тиэргэнигэр үөрэ-көтө көрүстэ.
– Манна ийэлээх аҕам, элбэх оҕолоох ыал сиэринэн, сүөһү-ас туталлара, оҕуруоттаах этибит. Кыбыы, дал, кэбиһиилээх от – ол быыһынан элбэхтик сүүрбүт-көппүт, оонньообут дьоммут. Аҕам оройуон бастакы механизатордарыттан биирдэстэрэ, тиэхиньикэҕэ аан бастаан миигин кини сыһыарбыта, үлэҕэ үөрэппитэ. Аҕам дойдутуттан Төлөйтөн, ийэм дойдутуттан Сылаҥтан аймахтарбыт, доҕотторбут кэлэн, дьиэ куруутун толору буолара. Оҕолор эбиллэн истэхтэрин аайы, аҕам дьиэбитин кэҥэтэн иһэрэ – үс салҕааһыннаах улахан дьиэ буолбута. Алта уол, икки кыыс, дьэ бу манна улааппыппыт, – диир Егор Афанасьевич. Манна кини кэргэнин – эдэркээн Пашаны сиэтэн аҕалбыта. Ол 1977 сыллаахха буолбут урууну Арҕаа Бас дьоно билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүллэр. Тиэргэҥҥэ Уруу сэргэтэ бэрт тирэхтээхтик турар. Гоша аҕата бу дойдуттан барбытын кэнниттэн 15-16-х улахан уол ийэтин уҥа илиитэ буолбута. Хас сарсыарда аайы 6 чааска туран, оһоҕун оттон, оҕолорго күөрчэх ытыйан баран, Гоша оскуолатыгар сүүрэрэ…
“Дархан кыһата”. Семен Новгородов аатын сүгэр Чурапчы орто оскуолата билигин итинник аатынан биллэр. Егор Борисов бу оскуоланы бастакы кылаастан үөрэнэн бүтэрбитэ, учууталларын олус истиҥник саныыр. Дириҥ махталынан кылааһын салайааччытын, киниэхэ дьиҥнээх настаабынньыгынан буолбут саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлевы-Даланы ахтар. Педагог Татьяна Кононовна, оскуола актива бу күн оскуола мусуойун баай эспэнээттэрин, киэн туттар, холобур ылар выпускниктарын, саха норуотуттан бастакы Ил Дархан Егор Борисов оскуолатааҕы сылларын туһунан кэпсээтилэр. “Дархан кыһата” дьоһуннаах, бастыҥ көлүөнэни иитэн таһаарар сыаллаах айымньылаахтык үлэлиир.
Салгыы пресс-тур кыттыылаахтара Егор Борисов боростуой оробуочайтан саҕалаан, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, оройуон саамай эдэр салайааччытынан ананан кэлбит “Сельхозтехника” тэрилтэ түөлбэтигэр сырыттылар. Дьэ бу манна, тыа хаһаайыстыбатыгар, от-мас үлэтигэр, нэһилиэнньэҕэ наадалаах таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах оройуон тиэхиньикэтин бүтүннүүтүн өрөмүөннүүр, көрөр-истэр оробуочай кэлэктиипкэ үлэҕэ буһан-хатан, Егор Борисов оройуон, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах мындыр салайааччы буола үүнэн таҕыстаҕа.
Ити курдук, Валентина Бочонина салайааччылаах суруналыыстар дэлэгээссийэлэрэ, салгыы бу саас Чурапчыга аһыллыбыт Егор Борисов Архыып-бибилэтиэкэтигэр сырыттылар, сенаторы кытта ирэ-хоро сэһэргэстилэр. Холобур, тыа сирин дьонун долгутар нэһилиэктэр дьылҕаларын туһунан боппуруоска Егор Афанасьевич санаатын үллэстэригэр, нэһилиэк туһунан өйдөбүлү хаалларан илдьэ сылдьар туһуттан, үчүгэй сокуоннар тахсалларын кэтэспэккэ, нэһилиэк таһымыгар түөлбэ диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэринэн иһиигэ сүбэлээтэ. Уопсастыбаннас нэһилиэк интэриэһин көмүскүүргэ турунуохтаах. Итиэннэ, суруналыыстарга туһаайан, Саха сирин чулуу үлэһиттэрин, номоххо киирэр Михаил Готовцев, Владимир Михайлов курдук Үлэ Дьоруойдарын, хорсун патриоттары, Арассыыйа Дьоруойдарын, Дьоруой оҕолор тустарынан өссө күүскэ сырдаталларыгар ыҥырда. Бу Архыып-библэтиэкэтигэр Егор Борисов кэллэҕин аайа саҥа кинигэлэри аҕалар. Ол курдук, билигин хайыы-үйэ 3700 кинигэни, 590 сувениры, 106 хартыынаны бэлэхтээтэ. Манна кини үлэтин динэбиньииктэрэ, сыаналаах докумуоннар, суруктар эмиэ бааллар. Оройуон бибилэтиэкэтин исписэлиистэрэ билиһиннэрэллэринэн, Егор Борисов Архыып-бибилэтиэкэтэ конференц-саалалаах, сыыппара технологияларыгар салаалаах, тыаһы-ууһу устар кииннээх, ыччаты иитиигэ анаммыт “РОСТ”, “Үүн-Сайын” медиалабораториялаах. Манна иккис этээскэ “ПУТЬ с АЛААСА НА ВЕРШИНУ” (“АЛААСТАН – АЛГЫСТААХ ААРТЫККА”) диэн Егор Борисов олоҕун дьыалатын сиһилии кэпсиир быыстапка-истиэндэ баар. “Бу барыта ыччакка, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр ананар”, – диир бибилэтиэкэ биир тутаах үлэһитэ Ульяна Атласова.
Егор Борисов Учуутала Далан биирдэ: “Если цель твоей деятельности – принести благо людям – ты никогда не проиграешь!» – диэбитэ. Норуотуҥ туһугар үлэ! Егор Афанасьевич дьонун-норуотун, өрөспүүбүлүкэтин олоҕо тупсарын, сайдарын туһугар олоҕун бүтүннүү анаан кэллэ. Оннук үлэлии-хамсыы сылдьар.
Татьяна МАРКОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: