Сэрэхтээх уонна көмүскэллээх буолар туһуттан АДПИ туруортар

Share

Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбыаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, буруо таҕыстаҕына баһаартан сэрэтэр АДПИ тэрили туруортарар быдан ордук.

«Дьиэҕэ-уокка баһаартан сэрэтэр үлэни тэрийэр  аналлаах тэрээһиннэргэ кыттарга сүбэлиибит.  Баһаары сэрэтэн АДПИ тэрили дьиэҕэр туруор!» — диэн  сүбэлииллэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, баһаары сэрэтэр социальнай аахсыйа ааспыт сылтан саҕаламмыта. Манна 750 киһи кыттыыны ылбыта. Бырайыак өҥөтүнэн Саха сирин үрдүнэн 1850 АДПИ элбэх оҕолоох ыал дьиэтигэр, соҕотох олорор кырдьаҕастарга уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэригэр турда.
Бу сыл «22 сылга 22 бастыҥ көҕүлээһин” диэн бырайыак чэрчитинэн Саха АССР 100 сыллаах, Госкомобеспечение 10 cыллаах, Баһаарынай манабыл 205 cыллаах үбүлүөйдэрин көрсө ыытыллыаҕа.
АДПИ – автономнай баһаары сэрэтэр тэрил кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Оннооҕор түүн ортото тыаһаан дьону уһугуннаран иэдээн тахсарыттан сэрэтэр аналлаах. Хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах. Аахсыйа туһунан сиһилии нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт саайтыгар ааҕыахха сөп.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа эр дьон ууга былдьанна

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Ньурба оройуонугар икки эр киһи суорума суолланна диэн СӨ Быыһыыр…

16 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нерюнгри диэки сир хамсаата

Нерюнгриттан  соҕуруулуу-арҕаа 57 км тэйиччи сытар сиргэ  4-4,5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Бу туһунан ЯСИА-ҕа Арассыыйа…

30 минут ago
  • Сонуннар

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый?

Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар.  [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 19-26 күннэрэ)

Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын  ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

13 часов ago