Сэрэниҥ, клещ!
Сайыҥҥы сылаас күннэрбит сатыылаан эрэллэр. Айылҕа уһуктуутун кытта ойуур үөннэрэ эмиэ уһукталлар. Ол иһигэр, “клещевой паралич”, туляремия, клещ энцефалита, Лайма ыарыыта, моноцитарнай эрлихиоз уонна ымынахтаах тиип курдук кутталлаах сыстыганнаах ыарыылары көбүтэр клещтэр.
Ыарыы содулуттан баралыыстыыр эбэтэр өлөр куттал баар. Сыстыы бастакы бэлиэлэрэ клещ ытырбытын кэннэ икки хонугунан эбэтэр хойут да биллиэхтэрин сөп. Өскөтүн клещкэ ытыттардаххына, үөнү бэйэҥ ыла сатаама. Тоҕо диэтэххэ, тириигэр кини тумса хаалыан сөп. Суһаллык мэдиссиинэ чугастааҕы тэрилтэтигэр кэлэн, бырааска ыллаттарыахха наада. Ону таһынан эмсэҕэлээбит киһиэхэ, урут быһыы ылбатах буоллаҕына, хайаан да клещ энцефалитын утары иммуноглобулин биэрэллэр.
Роспотребнадзор үлэһиттэрэ ойуурга бараргытыгар сөпкө таҥнарга сүбэлииллэр. Ыстааҥҥытын бачыыҥкаҕыт эбэтэр саппыкыгыт иһигэр симтиҥ, уһун сиэхтээх ырбаахыта кэтиҥ уонна төбөҕүтүгэр бэргэһэ, былаат баанаргытын умнумаҥ. Клещ киирбитин тута бэлиэтии көрөр курдук, таҥаскыт сырдык буолуохтаах. 10-15 мүнүүтэ буола-буола таҥаскытын бэрэбиэркэлэниҥ. Клеһи уонна үөнү-көйүүрү куттуур араас сириэстибэлэринэн ыстарыаххытын сөп. Ойууртан кэлэн баран таҥаскытын устан, эккитин-сииҥҥитин өссө төгүл үчүгэйдик көрүнүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: