Сэрэниҥ: Түөкүттэр угаайылара үгүс

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ 23 олохтооҕо уопсайа 10,5 мөлүйүөн солкуобайдаах харчытын  түөкүттэргэ  «ууран» биэрдэ. 

4 биэнсийэлээх, 5 эмчит, 2 буҕаалтыр, 2 иитээччи, 2 устудьуон, 1 үлэтэ суох,  1 преподаватель — ити курдук албыҥҥа түбэспит дьону киһи ааҕа туруох курдук. 4 түбэлтэҕэ  «ФСБ» уонна «Центробаан»  үлэһитэ  буолан кубулунан,  түөкүттэр  7 156 000 солкуобайы киллэриммиттэр. 5 түбэлтэ — «инвестицияҕа ыытыы» буолбут (807 427  солк.), 4 — мессенджердэри алдьатан киирбиттэр (121 тыһ. солк.).  4 — саайтка уонна социальнай ситимнэргэ атыы-эргиэн тэрийбитэ буолуу (1 301 186 солк.). 3 — аймаҕа суол саахалыгар түбэспитин туһунан иһитиннэрэн (710 тыһ. солк.).  1 түбэлтэ — оҕону телеграм-ханаалга  саататар оонньууга киирэн  олордоҕуна албыннаабыттар. Ити курдук,  түөкүттэр  угаайылара  үгүс.

Сэрэниҥ, харыстаныҥ, чугас дьоҥҥутун сэрэтиҥ!

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барар айана төлөммүт

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө.    2025…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр  8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…

41 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөөбөтөх кирэдьиитин туһуттан массыынатыттан матта

Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан  биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 инбэлиит турар

"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр: Кыайыы иһин!

Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан  икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

68 сааһыгар бэлисипиэтинэн сылдьар

Дьокуускайга  бэлисипиэтинэн үгүстүк оҕолор уонна эр дьон сылдьалларын көрөбүн.  Бүгүн  биир  саастаах дьахтар бэлисипиэтинэн сылдьарын…

2 часа ago