Сергей Черкашин: “Норуокка чугас буолуохха наада”

Share

“Норуокка чугас буолуохха наада.  Ол иһин, мин айанныыр кэмнэрбэр нэһилиэнньэни кытары кэпсэтэбин, кинилэр ыйытыыларын уонна этиилэрин болҕомтолоохтук истэбин”, — диэн Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Сергей Черкашин санаатын үллэстэр.

Чахчыта да, нэһилиэнньэни кытары аһаҕастык кэпсэтии олус улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, быраастар эмтэнээччилэрин доруобуйаларын туһугар үлэлииллэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын сэдэх идэлээх исписэлиистэрэ: терапевт, лор, эндокринолог, педиатр, УЗИ-быраастара ыраах сытар Түүлээх сэлиэнньэтин олохтоохторун доруобуйаларын көрдүлэр.

Терапевт уонна УЗИ-быраастар доруобуйаларынан хааччахтаах 6 киһини дьиэлэригэр тиийэн көрдүлэр. Быраастарга  уопсайынан 125 киһи сырытта. Ону таһынан Бээрийэ сэлиэнньэтигэр эмиэ үлэлээтилэр.

Манна Сергей Гаврильевич нэһилиэнньэни кытары көрүстэ. Сэдэх исписэлиистэргэ хайдах суруйтарар, эндопротезированиеҕа былааннаммыт эпэрээссийэлэргэ хайдах ыыталларын уо.д.а. элбэхтик ыйыталлар.

Быраастар нэһилиэнньэ доруобуйатын бэрэбиэркэлээбиттэрин түмүгүнэн, 7 киһини эбии чинчийиигэ, 8 киһини тустаах быраастартан сүбэ-ама ыларга ыыттылар. Ону сэргэ 15 киһи диспансеризацияны ааста.

Балыыһа кылаабынай бырааһа ыраах сытар Өнөр, Тулуна, Танда, Түүлээх сэлиэнньэлэригэр тэрилтэлэргэ эмиэ сырытта. Кини олохтоохтор көрдөһүүлэрин иһиттэ уонна ыйытыыларга хоруйдаата.

Танда сэлиэнньэтигэр быраас амбулаториятыгар эмтэнээччилэри кытары көрсүүһүүгэ Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев кытынна. Михаил Михайлович бэйэтин этиилэрин киллэрэн баран, Сергей Гаврильевичка үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.

Ити курдук, улуус доруобуйатын харыстабылыгар ааспыт нэдиэлэ тэтимнээхтик уонна үтүө түмүктээх ааста. Таһырдьа төһө -53 тымныы турдар,  быраастар биргээдэлэрэ былаанын толордо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

“Берегиня” иитиллээччилэригэр бэлэх туттардылар

Пригороднай сэлиэнньэтээҕи дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ ааспыт субуотаҕа, ахсынньы 14 күнүгэр, “Берегиня” оҕо киинин иитиллээччилэрин Саҥа…

1 минута ago
  • Сонуннар

Сотору “Тройка” тарыып олоххо киириэҕэ

Оптуобус бырайыаһа уларыйбатын туһунан этэн туран, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр бырайыастар…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ааҕааччы суруга: Хоту дойду чулуу киһитэ

Кэлэр сылга Булуҥ улууһун Намыы сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэҕэ. Ыраахтааҕы кэмин саҕана манна таба,…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оптуобус көдьүүстээх айанын туһугар

Куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр оптуобус сырыытын уларытыы өр толкуйтан, ырытыыттан саҕаламмытын, эспиэрдэри…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Аптаах таас” оҕолорго аналлаах кинигэ биһирэмэ буолла

Бэчээт дьиэтигэр медиакииҥҥэ “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына “Аптаах таас” кинигэтин биһирэмэ буолла.…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылга мандарин атыылаһарга туохха болҕомто уурар ирдэнэр?

Саҥа дьылга бэлэмнэнэн сотору Саха сирин олохтоохторо мандарины атыылаһыахтара. СӨ Роспотребнадзора маныаха туохха болҕомто уурар…

1 час ago