Салгыы
Сергей Иванов: «Үлэ сылыгар эбии 2000-тан тахса үлэ миэстэтин тэрийиэхпит»

Сергей Иванов: «Үлэ сылыгар эбии 2000-тан тахса үлэ миэстэтин тэрийиэхпит»

20.12.2022, 14:15
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр эһиилги сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ ураты суолтаны ылла. Дойду үрдүнэн быһыы-майгы уларыйар кэмигэр эспиэрдэр үлэтэ суох буолуу элбиирин сабаҕалаабыттара. Ол гынан баран Саха сирэ үлэнэн хааччыйыыга тиһиктээх үлэни ыытар, онуоха барамыысыланнай тэрилтэлэр төһүү буолаллар.

Бу туһунан «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ-бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов санаатын үллэһиннэ:

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев Анал этиитигэр кэлэр 2023 с. Үлэ сылынан биллэрдэ. Кэлэр сылга биһиги хампаанньабыт саҥа үлэ миэстэтин тэрийиини таһынан, каадырдары үөрэтиинэн, бэлэмнээһининэн дьарыктаныа. Эспиэрдэр бу сыл кулун тутар-муус устар ыйдарыгар Арассыыйа үрдүнэн үлэтэ суох буолуу үрдүө диэн эппиттэрэ, ол гынан баран, дойдуга уонна чуолаан, Уһук Илин уонна Саха сиригэр биһиги билигин көрөрбүтүнэн, бырамыысыланнаска үлэ миэстэтэ элбэх, ону дьонунан толорор уустук курдук буолла. «АЛРОСА» хампаанньа бу сыл 9 ыйын эрэ устата 2000-н тахса киһини, Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйда. Кэлэр сылга өссө эбии 2000-тан тахса үлэ миэстэтин тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үлэлэтэр былааннаахпыт.

Ол курдук, оҥорон таһаарыыга наадалаах, чуолаан, суоппар, суоппар-мэхээньик, силиэсэр, гидрогеолог, минеролог идэлэригэр ылыахпыт. Бу идэлэри Саха сирин олохтоохторо интэриэһиргээн, чугас кэмҥэ үлэһиттэри ылан, кэлэр сылга ылыныллыбыт оҥорон таһаарыы былаанын толоруохпут диэн эрэнэбин. Онуоха биһиги Каадырбыт киинэ-корпоративнай университеппыт күүскэ үлэлиир, онон үлэнэн Саха сирин олохтоохторун хааччыйарга бэлэммит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 апреля
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 80% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: