Салгыы
Сергей Кириенко: «Биһиги кыайыыга мэктиэбит – араас омук кыайыыга итэҕэлэ буолар»

Сергей Кириенко: «Биһиги кыайыыга мэктиэбит – араас омук кыайыыга итэҕэлэ буолар»

26.12.2022, 10:14
Бөлөххө киир:

Бүгүн Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдубутун араас итэҕэллээх элбэх омук дьоно көмүскүү сылдьар – бу Арассыыйа кыайыыга мэктиэтэ буолар диэн РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын бастакы солбуйааччыта Сергей Кириенко ТАСС ааҕыныстыбаҕа  иһитиннэрэр.

«Мин этиэм этэ: бүгүн дойдубутун киэҥ нэлэмэн Арассыыйабытын араас итэҕэллээх, элбэх омук – нууччалар, чеченнэр, сахалар, башкирдар, о.д.а. көмүскүүллэр, кинилэр биир сомоҕо буолан, биир окуопаҕа сытан, итэҕэллэриттэн тутулуга суох, бары Кыайыы иһин үҥэллэр – ол буолар биһиги кыайыыбыт мэктиэтэ», – диэн Кириенко Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр Гудермеска Арассыыйа спезнаһын университетын базатыгар сылдьан бэлиэтээн эттэ.
Бу күннэргэ Бэрэсидьиэн дьаһалтатын бастакы солбуйааччыта Сергей Кириенко уонна Арассыыйа Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Чечняҕа үлэлии кэлбиттэрин туһунан баһылык Рамзан Кадыров этэн турар.


Манна даҕатан эттэххэ, «Сахамедиа» холдинг уонна «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа суруналыыстара Грознайга Арассыыйатааҕы спецназ университетыгар байыаннай кэрэспэдьиэннэр  куурустарыгар үөрэммиттэрэ. Военкордар анал байыаннай дьайыылар бара турар сирдэригэр номнуо «бойобуой сүрэхтэниини» ааһан, үлэлээн бу өрөбүллэргэ дойдуларыгар кэллилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: