Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара бу күннэргэ сийиэскэ түмүстүлэр.
Сийиэскэ ынах-сүөһүнү, сылгыны, табаны иитиинэн, оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар салайааччылара кытыннылар. Бэйэтин санаатын Хаҥалас улууһун Үөдэй нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Сергей Латышев үллэстэр:
— Бааһынай хаһаайыстыбатын 2018 сылтан саҕалаан тэринэн үлэлээбитим. 142 сүөһүлээхпин, ону таһынан былырыын 13 гектарга хортуоска уонна 7 гектарга хаппыыста ыспытым. Былырыыҥҥыттан «Дьиэ кэргэн» грана диэҥҥэ кыттан быйыл ыллым. Субсидия ханнык хайысхаҕа баарынан барытыгар кыттабыт. Онон быйыл ситиһиилэннибит.
Фермердиирим тухары үүппүн соҕотуопкаҕа туттарабын, оттон эппин бэйэм атыылыыбын. Итини таһынан оҕуруот аһын, хортуосканы, хаппыыстаны эмиэ олордон, соҕотуопкаҕа туттарабыт.
Маннык сийиэс буолбатаҕа ыраатта, уонча сыл аастаҕа. Сийиэскэ үһүс хайысхаҕа – Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин субсидияларын бырагыраамаларын интэриэһиргээн, онно кытта сылдьабын. Субсидиялар барыларын арыый эрдэттэн көрөн биэртэлиир гына туруорса сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, субсидиялар хаамыыларын көрдөххө, хомуур бүппүтүн, хаар түспүтүн кэннэ кэлэр. Саатар атырдьах ыйыгар кэлэрэ буоллар, оччоҕо үлэ даҕаны көдьүүстэниэ этэ дии саныыбын.
Сийиэскэ тус бэйэм уонна дьиэ кэргэнинэн пиэрмэҕэ көрүүлэрбин эттим. Холобур, ааспыт сыл түмүгүнэн көрдөххө, кыттыан баҕалаах оҕуруотчуттар элбэхтэр этэ, ол гынан баран оҕуруотчуттартан мин эрэ куонкуруска киирдим. Граҥҥа киирсэргэ сүөһүнү, сылгыны иитэр дьоҥҥо үрдүк бааллаах, оттон оҕуруотчуттарга кыра бааллаах, ону өйдөөбөппүн диэн боппуруос туруордум.
Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар интэриэһинэй. Сир-уот да баар, үлэлиэххэ, инники диэки баран иһиэххэ эрэ наада.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…