Сергей Лавернов: “Бэйэм кылааппын киллэрсэбин”

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуотун маастара Сергей Лавернов байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаан куллука, оптическай приборга аналлаах хаа тикпит.

— Бу буола турар байыаннай дьайыыга дойдубуттан, Өлүөхүмэ улууһун Кыылаах нэһилиэгиттэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан билэр дьонум уонна Сунтаартан аймах уолум сылдьаллар.

Бэйэм ааппыттан туох эмэ туһаны аҕалбыт киһи диэн санааттан таҥас тигэбин. Бүгүҥҥү күн туругунан 50 паара кээнчэ, ардах хоппот матырыйаалынан аптамаат, бинтиэпкэ оптическай приборугар 50 устуука хаа (чехол) тиктим.

Бу таҥастарбын байыаннай эпэрээссийэҕэ 30 киһилээх таҥас тигэр бөлөх салайааччытыгар Ирина Егоровна Саввинаҕа туттарабын. Салгыы өссө да тигэр былааннаахпын, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо Сергей Виссарионович кэпсиир. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбар кытаанах доруобуйаны, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын диэн үтүө санаатын тиэрдэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Сергей Виссарионович айылҕаттан тарбаҕар талааннаах, оҕо эрдэҕиттэн иистэнэр. “Саха сирэ” хаһыат ол туһунан суруйан турар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Инбэлииттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ

Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга …

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киһини өлөрөн, 7 сылга хаайылынна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 35 саастаах киһи холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу сууттаммыт киһи өлөрүүгэ…

45 минут ago
  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

2 часа ago