Салгыы
Сергей Лавров Айсен Николаевы кытары көрүстэ

Сергей Лавров Айсен Николаевы кытары көрүстэ

Ааптар:
08.12.2022, 12:28
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ Москваҕа РФ тас  дойдуларга дьыалаларын миниистирэ Сергей Лавров уонна Ил Дархан   Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ аан дойдутааҕы бырайыактарын, чуолаан Хотугу Форум туһунан кэпсэттилэр.
Айсен Николаев миниистир  Сергей Лавровка  «Северный форум по устойчивому развитию» норуоттар  икки ардыларынааҕы  кэмпириэнсийэни  өйүүргэ этии киллэрдэ. Онуоха миниистир туһааннаах былаһаакканы  кэскиллээҕинэн  этэн туран, МИД  бырайыагы сайыннарыыга бары күүһү ууруоҕун эттэ.
Көрсүһүү кэмигэр өссө биир улахан суолталаах боппуруос тула кэпсэтии таҕыста. Ол курдук,  килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥ ириитигэр анаммыт кэмпириэнсийэни 2023 сылга  кулун тутарга ыытыы туһунан.  Бу бырайыагы федераллар өйөөбүттэрэ.

Маны таһынан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар, мас тардыһыытын тула кэпсэттилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -5°C
  • Ощущается: -10°Влажность: 58% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: