Сергей Местников Аммаҕа «Идэһэ» дьаарбаҥканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда
Бүгүн Амма сэлиэнньэтигэр үгэс буолбут «Идэһэ» улуустааҕы дьаарбаҥка буолла.
Бэлиэтээн этэллэринэн, маннык тэрээһин бастаан 1996 сыллаахха тэриллибит. Быйыл сүүрбэ ахсыс төгүлүн ыытыллар.
«Тэрээһин таһыма сыллата үрдээн иһэр, кыттааччытын ахсаана элбиир. Бүгүн тыа сирин дьоно сайыҥҥы түбүктэрин киэн тутта көрдөрөллөр. Бу Амма улууһа өрөспүүбүлүкэ аграрнай салаатыгар бастыҥ буоларын көрдөрөр», — диэн бэлиэтиир СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников.
Кини тыа хаһаайыстыбата нэһилиэнньэ дьарыктаах буоларыгар, сири-уоту сайыннарыыга биир тутаах салаанан буоларын бэлиэтээтэ. Вице-премьер үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бастыҥ үлэлээхтэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары уонна бэлиэлэри туттарда.
Тэрээһин иитинэн кондитерскай оҥоһуктарга куонкурустар, ас-үөл атыыта-тутуута, быыстапка буолла.
Санатан эттэххэ, Саха сирэ аграрийдары өйөөһүҥҥэ Уһук Илиннээҕи уокурукка лиидэрдэртэн биирдэстэринэн буолар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3422238 манна көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: