Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах бөлөх, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет инженернэй уонна бэтэринээринэй мэдиссиинэ бакылтыаттарын, университет коллективнай туһаныыга киинин, аһылык технологиятын бырайыагын билистэ. Ону сэргэ, уопсай дьиэ сыбаайата түһүөхтээх сирин көрдө. Университекка өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар каадыры бэлэмнээһин, университет инфраструктуратын сайыннарыы уонна университет “Приоритет-2030” бырагымааҕа кыттыытын боппуруостарынан оробуочай бөлөх мунньаҕа буолла.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ректора Валерий Федоров, бастакы соруктарынан 484 миэстэлээх устудьуоннарга аналлаах уопсай дьиэ, технологическай куорпус уонна култуура киинин тутуутун ааттаата. Ону тэҥэ, аһаҕас стадионнаах успуорт компексын тутуу, “Арктическай” агробиотехнопаарканы тэрийии университет сайдыытын былааныгар баар. Ону таһынан, быйыл “Приоритет-2030” стратегическай академическай лиидэристибэ бырагырааматыгар кыттар соруктаах.
Университет агро хайысхалаах оскуолалары кытта бииргэ үлэлэһиитин, өрөспүүбүлүкэҕэ ситимнээх үөрэх систиэмэтин сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар хамнас төлөбүрүн таһымын уонна эрэгийиэҥҥэ эдэр исписэлиистэри өйөөһүн боппуруостарын көрдүлэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников каадыры бэлэмнээһин, тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлиистэри үөрэтии стратегическай суолталааҕын бэлиэтээтэ. “Ханнык баҕарар оскуоланы бүтэрээччи уонна кини төрөппүттэрэ аныгы үөрэх куорпуһун көрөр баҕа санаалаахтар. Ону тэҥэ, устудьуоннарга бүгүҥҥү ирдэбилгэ эппиэттиир үөрэх бырагыраамата бэлэмнэнэрэ суолталаах. Бу курдук эйгэни тэрийбэккэ эрэ биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар ыччаты сыһыарыы боппуруоһун толору быһаарар кыахпыт суох”, — диэн Сергей Местников бэлиэтээтэ.
Ону тэҥэ, вице-премьер университет кэлэктиибин билим-чинчийэр хайысхаҕа үлэни күүһүрдэргэ ыҥырда. “Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ билимҥэ сүрүн болҕомтону уурар. 2021 сылтан Саха сиригэр 450 мөл. солк. кээмэйдээх билим-тиэхэньиичэскэй сайдыы бырагыраамата олоххо киирэр. Бу бырагыраамаҕа киирсэр ирдэнэр. Өрөспүүбүлүкэ Билимҥэ академиятын кытта университет билимҥэ кыаҕын сайыннарыы уонна үлэһиттэр билим судаарыстыбаннай сакаастарыгар, чинчийиилэригэр кыттыыларын туһунан сүбэлэһиэхпит. Университет каадырын сайдыыта билим чинчийиилэригэр кыттыыттан быһаччы тутулуктаах. Онон бу хайысхаҕа үлэ күүһүрүөхтээх. Сорук элбэх, сыал чопчу, олор туолууларыгар бииргэ иннибит диэки сыҕарыйан иһиэхпит”, — диэн Местников эттэ.
Бэйэлэрин этиилэрин туһааннаах министиэристибэлэр уонна биэдэмэстибэлэр эмиэ эттилэр.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…