Сергей Местников: «Саха сиригэр туйгун ытыы үгэһин сөргүтүөхпүт»

Сергей Местников: «Саха сиригэр туйгун ытыы үгэһин сөргүтүөхпүт»

Ааптар:
06.03.2024, 14:30
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка «Сулус» үөрэтэр-ытар кииҥҥэ икки күннээх Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллыбыт ыраахтан ытыыга бүтүн Арассыыйатааҕы турнирын тэрийбит кэмитиэт тэрээһини түмүктүүр мунньаҕы ыытта.

Арассыыйа таһымынан ыытыллыбыт тэрээһини салайбыт СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык барбытын бэлиэтээтэ.

«Билэргит курдук, былырыын Арассыыйа Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев дьаһалынан Саха сиригэр Арассыыйа үрдүнэн саамай бөдөҥ үөрэтэр-ытар полигон тутуллубута. Бу ытар киин 90% федеральнай бүддьүөт суотугар тутуллубута, аныгы, туох баар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир таһымнаах. Сыл бүтүүтэ ытар полигон тутуллаатын, бүтүн Арассыыйатааҕы ыраах ытарга күрэҕи тэрийиигэ үлэ саҕаламмыта. Улахан тэрийэр үлэ ыытыллыбыта, араас эрэгийиэннэртэн күрэхтэһиигэ кытта дьон кэлбитэ.

“Сулус” полигон Саха сиригэр кыраҕы ытыы үгэстэрин сөргүтэргэ, снайпер өбүгэлэрбит дьарыктарын саҥаттаан арыйарга улахан тирэҕи биэрэр. Ытар дьоҕуру сайыннарыы билиҥҥи анал байаыннай дьайыы бара турар кэмин ирдэбиллэригэр эппиэттиир, уонна уопсайынан үүнэр көлүөнэни сөптөөхтүк үөрэтэргэ туһалаах буолуо. Бастакытын ыытыллар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллыбыт күрэх үрдүк таһымнаахтык ааста. Саха сиригэр ыраахха кыраҕытык ытар уолаттар бааллара көһүннэ, биһиги ытааччыларбыт туйгун көрдөрүүлэри ыллылар. Аҕа дойду сэриитигэр туйгун ытыыны көрдөрбүт саллаатарбыт дьыалаларын салгыыр байыастар бааллар, саҥа полигоҥҥа дьарыктаныахтара”, – диэтэ Сергей Местников.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: