Сергей Перминов: “Киев Европаҕа уоту күөдьүтэ сатыыр”

Сергей Перминов: “Киев Европаҕа уоту күөдьүтэ сатыыр”

17.10.2024, 12:45
Хартыска: "Биир ньыгыл Арасыыйа" баартыйа саайтыттан.
Бөлөххө киир:

РФ Сенатора Сергей Перминов Зеленскэй Арассыыйаны эйэлэһиигэ байыаннайдык күһэйэр “кыайыыга былаанын” туһунан санаатын эттэ.

— Украина Бэрэсидьиэнин сүбэһитэ Подоляк Зеленскэй “кыайыыга былааныгар” Арассыыйаны эйэлэһиигэ байыаннайдык күһэйиитэ киирэр, ол инниттэн кыраныысса аттынааҕы уобаластарга эрэ буолбакка, Арассыыйа иһигэр – Саратов, Орлов, Ленинград уонна Москва уобаластарыгар улахан таһымнаах кимэн киирии ирдэнэр диэн эттэ. Сергей Николаевич, бу улахан этиилэр тугу кытта сибээстээхтэр дии саныыгын? Тоҕо бу испииһэккэ Ленинград уобалаһын курдук эрэгийиэннэр киирдилэр? Өскөтүн оннук “былаан” баар буоллаҕына, Киев НАТОны бу иирсээҥҥэ кыбытар буолбатах дуо?

— Арҕааҥҥы союзниктары Киев кыргыһыыга түмүгэ астыннарбат. Кинилэр Украина туруорбут усулуобуйатынан иирсээн түмүктэммэтин өйдүүллэр. Кэлэр сыллааҕы үбүлээһиннэрин номнуо билигин толкуйдууллара ирдэнэрэ, ис сытыы ырытыһыыны таһаарбат буолуон табыллыбат. Арҕааҥҥыларга өйдөнөр кэскиллээх хамсаныы уонна түмүк наадата улаатан иһэр.

Киев улахан күөдьүтүүттэн ураты биир санаалаахтарыгар атын былааны этэр кыаҕа суох буолбута ыраатта. Кини төһө кыалларынан, ол иһигэр биһиги дойдубутугар аракыатанан ытыылар көмөлөрүнэн өрө күүркэтэн, Арассыыйаны НАТОны кытта харсыһыыларга тириэрдэр сыаллаах. Кини  былааска хаалыытын биир төрүөтүнэн салгыы барар байыаннай дьайыы эрэ хааларынан, Киев эрэсиимэ бэйэтэ тугу эрэ оҥорор туруга суох.

Европа дьоно уу нуураллык олоруо суохтаахтар диэн Европаҕа “баһаары” таһаара сатыыр. Өссө биирдэ сэрии сэбин көрүҥүн тириэрдии, биһиги дойдубут байыаннай дьайыыга сыалын-соругун хаттаан көрүүгэ күһэйиэ суоҕа.

— Сергей Николаевич, ааспыт нэдиэлэҕэ Bild ситим Германия мантан инньэ ыарахан байыаннай тиэхиньикэни Украинаҕа ыыппатын туһунан иһитиннэрбитэ. Ону таһынан, Германия Оборонуоҕа министиэристибэтэ Украина байыаннай күүһэ чугастааҕы кэмҥэ утары кимэн киирэр кыахтааҕар эрэммэтэ ыйыллар. Украина өйөбүлэ суох хаалбытын туһунан номнуо кэпсэтэн эрэллэр. Германия суолун атын дойдулар батыһыахтара уонна сотору кэпсэтии саҕаланыа диэн эрэниэххэ сөп дуо?

— Германия Киевкэ көмөтө хас даҕаны төрүөттэн  тутулуктаах. Бастакыта – Украина былааһын өйүүр арҕааҥҥы уопсай бэлиитикэ, манна сүрүн оруолу АХШ оонньуур. Билиҥҥитэ утарсааччы кыргыһыы хонуутугар балаһыанньаны уларыта сатааһынын иккистээн холонуута табыллыбата диэн этиэххэ сөп. Эмиэрикэ түһээни төлөөччүлэрэ төлүөхтээх сэрии сэбин саҥаттан толороро ирдэнэр. Вашингтоҥҥа бэрэсидьиэн көхтөөх хампаанньатын учуоттаан, бу боппуруоска мөккүөрү, ырытыһыыны сөргүтүөхтэрин баҕарбаттар, бу Европа лидердэригэр эмиэ дьайар.

Иккиһэ – Германияҕа быыбар иннинээҕи кэм чугаһааһына. Үп-харчы боппуруоһа, ол иһигэр бүддьүөт тутулун ороскуота эмиэ оруолу оонньуохтара. Билиҥҥи канцлер баартыйатыгар Сара Вагенкнект Сойууһа курдук күүстээх утарсааччы баар буолла, ол баһылыга Украинаҕа сэрии сэбин тириэрдиини тохтотору ирдиир.

Бу төрүөттэри ыйан да туран, сонуну киэҥник тарҕатар ситимҥэ этиллибит көрүү олоччу олоххо киириэ диэн этэр билиҥҥитэ кыаллыбат. Берлин ханнык эмэ “учуоттамматах саппааһы” булан ылыан уонна күүһүн учуоттаабакка куорат уулуссаларыгар маассабай саба түһүүнэн саҥа авантюраларга бэлэмин туһунан итэҕэтэ сатыыр Киевкэ тириэрдиэн сөп. Германия бэлиитиктэрэ күөдьүтүү иэдээннээҕин уонна икки өртүттэн киһи ылынар түмүгүн көрдүүр суолталааҕын өйдүүллэрэ сүрүн буолар. Киеви өйөөһүн Германияны уонна көннөрү дьону дьадатар эрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: