Сергей Потапов киинэтэ «Горький fest» бэстибээлгэ кыайда
Режиссер Сергей Потапов «Король Лир» киинэтэ «Горький fest» киинэ бэстибээлигэр кыайда. Аллараа Тагил куоракка от ыйын 18 күнүгэр киинэ бэстибээлин түмүктэрин таһаардылар.
Куонкуруска 20-чэ киинэ күрэстэстэ. Кыайыылаахха 2,5 мөлүйүөн солкуобайдаах бирииһи туттардылар.
«Король Лир» киинэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэригэр олорор киһи туһунан кэпсэнэр. Бу дьиэҕэ эдэр режиссер Кырдьаҕастар күннэригэр анаан испэктээкил туруора кэлэр, артыыстарын интэринээт-дьиэ олохтоохторуттан көрдүүр. Онуоха Шекспир испэктээкилэ интэринээт олохтоохторун дьылҕаларыни кытта ыкса ситимнээх курдук буолан тахсар…
«Король Лир» киинэҕэ дьиҥнээх артыыстар буолбакка, чахчы интэринээт-дьиэ олохтоохторо оонньууллар. Потапов тыйаатыр режиссера буоларынан, киинэ уонна тыйаатыр эйгэтин сатабыллаахтык алтыһыннарар.
Быйыл бу бэстибээлгэ өссө Никита Давыдов (режиссер Дмитрий Давыдов быраата) «Торбаса, или Как мы рубили мясо» диэн киинэтэ «Бастыҥ драматургия иһин» бирииһи ылла (Евгений Николаевтыын кыттыһан).
Бу иннинэ «Горький fest» бэстибээл бирииһин Евгений Николаев («Бастыҥ режиссер») «Кукушка» киинэтин иһин уонна Татьяна Эверстова («Бастыҥ сценарий») «Замыкание» киинэтин иһин ылан тураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: