Сергей Рыбальченко: «Саха сирэ уопсастыба көҕүлээһиннэрин үчүгэйдик ылынар»

Share

Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытылла турар РФ Уопсастыбаннай балаататын «Сообщество» пуорумун  модератордарыттан  биирдэстэринэн РФ Уопсастыбаннай балаататын демография, дьиэ кэргэни, оҕону уонна дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстабылын хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Рыбальченко буолар.

Сергей Игоревич пуорумҥа «Уһук Илин демографияҕа урутаан сайдыыта» уонна «Дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын уонна көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтүү» былаһааккалары салайан ыытта.

Сергей Рыбальченко:

«Саха сирин олохтооҕун ахсаанын биир мөлүйүөҥҥэ тириэрдибит кырачаан киһи кэлиитэ -– күүстээх стратегия уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутуу түмүгэ.
Уһук Илин демографияҕа бэлиитикэтин кэнсиэпсийэтин оҥорорго Саха сирэ биир мөлүйүөнтэн тахса ахсааннаах киһилээх РФ субъега буолар соругу туруоруммута. Мин бу түмүк ситиһиллибитинэн Саха сирин олохтоохторун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин.

Саха сирэ — дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстыырга уонна бөҕөргөтөргө хардарыта бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһиини ылынарга быһаарыммыт Еврей автономнай уонна Подмосковье уобаластарын кэнниттэн үһүс эрэгийиэн.

Дьиэ кэргэн сыаннастара -– духуобунай-майгы-сигили сыаннастарын киинэ. Ол тустаах холобурунан «Көһө сылдьар дьиэ кэргэн» куонкурус буолар. Быйылгы куонкурус кыайыылаахтара Варвара уонна Дмитрий Стручковтар 1200 килэмиэтири табанан айаннаан кэлбиттэр. Бу – санаа күүһэ уонна төрүт үгэстэр. Сүрүнэ – төһөнөн элбэх маннык дьон уонна үгэстэр бааллар да, биһиги дойдубут бигэ тирэхтээх буолуоҕа.

Саха сирэ уопсастыба көҕүлээһиннэрин үчүгэйдик ылынар. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэҕэ икки ситиһиилээх холобур баар. Онтон биирдэстэрэ -– «территория трезвости». Ол аата өрөспүүбүлүкэ сокуонугар тирэҕирэн, нэһилиэккэ арыгылаах утаҕы атыылааһыны бобуу. Билигин эһиэхэ 203 оннук сэлиэнньэ баар. Маннык дьаһал көмөтүнэн эр киһи олоҕун уһатаҕыт. Мин санаабар, бу аан дойдуга муҥутуур ситиһии. Тоҕо диэтэххэ, Евразийскай эрэгийиэннэргэ маннык холобур баарын билбэппин. Статистика көрдөрөрүнэн, эһиэхэ  үлэлиир кыахтаах эр дьон өлүүтэ 60%-тан 45% диэри түстэ. Бу сөҕүмэр түмүк.

Иккис үтүө холобур, Арктика улуустарыгар  тиийэ үлэлиир көһө сылдьар мэдиссиинискэй биригээдэлэргит. 13 көһө сылдьар мэдиссиинискэй биригээдэ билигин Арктика улуустарыгар үлэлиир. Биһиги дьүүллэһэн баран, федеральнай таһымҥа өйөнөрүн курдук,  суол картатын оҥорор наадатын  быһаардыбыт. Бу бырайыак олох уһунун уһатарга уонна дойду экэниэмикэтигэр бэйэлэрин кылааттарын  киллэрэ сылдьар  олус элбэх дьон доруобуйатын харыстыырга, ону сэргэ доруобуйа харыстабылын өҥөлөрө толору табыгастаах буолалларыгар көмөлөһүө.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago