Салгыы
Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

19.12.2024, 18:08
Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиититтэн Арктика сайдыытыгар уонна үөрэх тиһигин тупсарыыга туһуламмыт соруктарыгар санаатын эттэ.

Кини этэринэн, 2025 сылга былааннаммыт Арктикаҕа эргиэн- логистическай киин ситимин тэрийии биир сүрүн түгэнинэн буолар. Эбээн-Бытантай, Өлүөхүмэ уонна Аллайыаха улуустарыгар саҥа кииннэри киллэрии эрэгийиэн экэнэмиичэскэй үүнүүтүгэр эбии кыахтары үөскэтэр. Ону таһынан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр быйыл 395 км суол үлэҕэ киирдэ уонна 5 муоста өрөмүөннэннэ. Ил Дархан итини сэргэ «Прогноз» учаастагыттан Дьааҥыга диэри уһун больдохтоох кыһыҥҥы суолу тутуу үлэтин саҕалыырын иһитиннэрдэ уонна чэпчэтиилээх билиэттэринэн хааччыйыы былырыыҥҥы көрдөрүүттэн намыһах буола суохтааҕын бэлиэтээтэ.

«2019 сылтан 2 665 км айан суола уонна 55 муоста нуорматыгар тиэрдилиннилэр, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ 469 км уулуссата 100-тэн тахса нэһилиэнньэлээх пууннарыгар өрөмүөннэннэ. Бу дьаһаллар эрэгийэҥҥэ тырааныспар инфраструктуратын балай да тупсарыа.

Аграрнай секторга саҥа кыахтары арыйар туһугар муниципальнай оройуоннар дьаһалталарыгар боломуочуйалары тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бэлиитикэтин быһаарыыга биэрии дьоһуннаах хардыынан буолуо. Субвенциялар кээмэйэ 900 мөл.солк. эбиллибит уонна 8,9 млрд солк. тэҥнэспит.

Ил Дархан саха тылыгар болҕомтотун уурбута олус үөрүүлээх. Билигин саха тылынан үөрэтэр кылаастар уонна бөлөхтөр 79% оскуолаларынан уонна 74% оҕо уһуйааннарынан баар. Кырдьык, бу сытыы проблема, ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат», — диир дьокутаат.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: