Ил Дархан 2030 сылга диэри болдьохтоох «Об основных направлениях государственной политики Республики Саха (Якутия) в Арктической зоне Республики Саха (Якутия)» ыйааҕар Арктическай оройуоннарга олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыыны икки төгүл улаатыннарар туһунан сорук туруорда.
Ил Түмэн дьокутаата Сергей Сивцев бу докумуон туһунан бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Соторутааҕыта СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александровы кытта арктическай улуустары олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыыны тирээн турар боппуруос быһыытынан ырыппыппыт. Онно үүккэ көрүллэр субсидияны анаан дьүүлэспиппит.
Эбээн Бытантай оройуонугар үүт субсидиятын 15 солкуобайга тутууну туруорсууга миниистир исписэлиистэрин кытта “Саха ынаҕа” казеннай генофонд тэрилтэтин үлэтин үөрэтэн көрүүгэ толкуйданар. Муус устар 4-5 күннэригэр Дьааҥыга өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнүн тэрээһинэ буолуоҕа. Онно СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көһө сылдьар кэллиэгийэтэ улуус салалтатын кытта ыытыллыаҕа. Бу тэрээһиҥҥэ сылгыһыттар кэккэ суолталаах боппуруостарын дьүүллэһиэхпит.
Онон Ил Дархан ыйааҕа саамай тоҕоостоох кэмҥэ таҕыста. Бу ыйааҕы кэллиэгийэҕэ олохтоохтук ырытыһыахпыт, кэккэ тосхоллору торумнуохпут.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…