Сергей Винокуров: «Уолаттарбыт санаалара күүстээх»
Бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров салайааччылаах дэлэгээссийэ Запорожье хайысхатынан байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ.
Эрдэттэн сакаастаабыт малларын, тэриллэрин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрэ ыыппыт кэһиилэрин туттартаата. Уолаттарбыт барахсаттар үөрүүлэрэ муҥура суох, биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн иһин ис сүрэхтэн махтаналларын биллэрдилэр.
Сергей Винокуров, Бүлүү улууһун баһылыга:
— Бү күннэргэ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ Запорожье эргин байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү аҕалла. Ол иһигэр улуус дьонун-сэргэтин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрэ ыыппыт баһыылкалара, кэһиилэрэ эмиэ бааллар. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, Бүлүү улууһунааҕы анал пуонда тэриллибитэ, бу пуонда кыттыһан, улахан көмөнү, өйөбүлү оҥордо. Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Бүлүү улууһун көмө оҥорор пуунун үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ бэйэлэрэ тикпит таҥастарын, өрбүт харыстанар сиэккэлэрин уопсайа биһиги 750 киилэ, 31 анал баһыылкалары аҕалбыппытын туттара сылдьаллар.
Уолаттарбыт биһигини кытта көрсүбүттэриттэн олус үөрдүлэр, астыннылар, махтаннылар. Биир бэйэм, уолаттарбыт санаалара бөҕөх, кыайыыга эрэллээхтэр диэн бэлиэтии көрдүм. Бары биир санаанан салайтаран, «Кыайыы биһиэнэ буолуо!» дииллэр. Маннык көмө, өйөбүл инники да өттүгэр баар буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: