Сергей Винокуров: «Уолаттарбыт санаалара күүстээх»

Share

Бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров салайааччылаах дэлэгээссийэ Запорожье хайысхатынан байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ.

Эрдэттэн сакаастаабыт малларын, тэриллэрин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрэ ыыппыт кэһиилэрин туттартаата. Уолаттарбыт барахсаттар үөрүүлэрэ муҥура суох, биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн иһин ис сүрэхтэн махтаналларын биллэрдилэр.

Хаартыска: Александр Тарасов

Сергей Винокуров, Бүлүү улууһун баһылыга:

— Бү күннэргэ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ Запорожье эргин байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү аҕалла. Ол иһигэр улуус дьонун-сэргэтин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрэ ыыппыт баһыылкалара, кэһиилэрэ эмиэ бааллар. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, Бүлүү улууһунааҕы анал пуонда тэриллибитэ, бу пуонда кыттыһан, улахан көмөнү, өйөбүлү оҥордо. Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Бүлүү улууһун көмө оҥорор пуунун үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ бэйэлэрэ тикпит таҥастарын, өрбүт харыстанар сиэккэлэрин уопсайа биһиги 750 киилэ, 31 анал баһыылкалары аҕалбыппытын туттара сылдьаллар.

Уолаттарбыт биһигини кытта көрсүбүттэриттэн олус үөрдүлэр, астыннылар, махтаннылар. Биир бэйэм, уолаттарбыт санаалара бөҕөх, кыайыыга эрэллээхтэр диэн бэлиэтии көрдүм. Бары биир санаанан салайтаран, «Кыайыы биһиэнэ буолуо!» дииллэр. Маннык көмө, өйөбүл инники да өттүгэр баар буолуо.

What’s your Reaction?
+1
28
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago