Сергей Яковлев: «Тыал күүстээх, хайысхатын уларытар буолан, үөрүйэх дьоҥҥо даҕаны ыарахан буолла»
Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ырааҕы ытыыга иккис Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир туһунан быйыл олунньуга ыытыллыбыт бастакы күрэхтэһии чөмпүйүөнэ — Чурапчы снайпера Сергей Яковлев сыл аҥарын иһигэр тэрээһин үрдээбитин бэлиэтээтэ.
— Быйыл саас, олунньу ыйга ыытыллыбыт бастакы турниры кытары тэҥнээтэххэ быдан элбэх киһи кэллэ. Бу сыл аҥарын эрэ иһигэр ытар тэрил — саа сайдыбыт. Сыалы табар комплекстар сайдыбыттар, калибрдар даҕаны улааппыттар. Бу күрэхтэһии халлаанын туруга интэриэһинэй буолла, эмиэ даҕаны сылаас, ол гынан баран күүстээх баҕайы тыаллаах. Тыал олус күүстээх уонна хайысхатын уларыта турар, ол иһин ыта үөрүйэх дьоҥҥо даҕаны ыарахан буолла. Олунньуга кыттарбар тымныы уонна саабыттан улахан тутлуктаах этэ диэм этэ. Тымныыга элбэхтик ыппыт буоламмын, уопуттаах этим. Оттон бу сырыыга, чиэһинэйдик эттэххэ, бэлэмнэниим мөлтөх. Инникитин күүскэ эрчиллиэхпин наада, нууччалыы «Терпение и труд всё перетрут» дииллэрин курдук, барыта этэҥҥэ буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: