Ыал буолуу – омук сайдар кэскилэ. Бүгүн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет эдэр ыалларын кытта билиһиннэрэбит.
Ол эрээри, хорсун, тулуурдаах, иллээх эдэр ыаллар бааллар. 18 эрэ саастарыгар төрөппүттэр ааттарын сүкпүт, “Саха” НКИХ “Үҥкүүлээ” бырайыагын кыайыылааҕа, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун иккис кууруһун устудьуона Гаврил уонна кини кэргэнэ Наталья Непомнящайдары кытта кэпсэттибит.
Ыал аҕа баһылыга маннык кэпсиир: «Биһиги иккиэн 21 саастаахпыт. Бэйэбит оҕолонуохха диэн быһаарымматахпыт эрээри, эппиэтинэстэн куотумматахпыт. Дьиэ кэргэн тэринэрбиттэн тоҕо эрэ олох куттамматаҕым. Бастаан утаа тус бэйэм толлор этим. Эдэркээн дьоҥҥо оҕону төрүөҕүттэн, эһээхэй эрдэҕиттэн көрөр ыарахаттардаах бөҕө буоллаҕа. Бастаан, бэл, тутарга, көтөҕөргө кутталаах курдук этэ. Ол эрээри, билигин оҕобут түөрдүн туолаары сылдьар. Ол курдук, бириэмэ олус түргэнник ааспыт. Төрөппүттэрбит куруук өйүүллэр. Улахан кыһалҕа диэн суоҕун кэриэтэ. Барыта кыра-кыралаан табыллар, баар буолан иһэр.
Мин үөрэнэрим таһынан, “Уран” үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктанабын. Билиҥҥи үйэҕэ эдэр ыаллары өйүүр чэпчэтиилэр, араас бырагыраамалар бааллара олус үчүгэй. Биһиги Сэргэлээххэ 18-с нүөмэрдээх устудьуон дьиэ кэргэннэр уопсайдарыгар олоробут. Ийэ уонна аҕа буолуу – ыал олоҕун сүрүн төрдө уонна үөрүүтэ диэн сөпкө да этэллэр эбит. Күндү кэргэммин, кырачаан оҕобун олус күүскэ таптыыбын».
Айыына уонна Мирослав Сазоновтар Естественнэй наукалары үөрэтэр институт үһүс кууруһун устудьуоннара буолаллар.
Эдэр ыал аҕата: “Мин Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин. Кэргэммин кытта устудьуоннуу киирэн баран тута билсибиппит, иккиэн актыбыыстар этибит. Биһиги эрдэттэн ыал буолуохпут диэн былааннамматахпыт, соһуччу этэ. Бастаан куттанар этибит. Иннибитин-кэннибитин билбэккэ сылдьан, күүстээх тапталга куустаран оҕолоннохпут. Онтон бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэн, санаабытын үллэстэн, ыал буолуохха диэн быһаарыммыппыт. Билигин 20 саастаахпыт. Үчүгэйкээн кыыс оҕолоохпут. Биллэн турар, оҕо – улахан эппиэтинэс.
Оҕону көрүү олус уустук да буоллар, оҕом миигин наһаа үөрдэр, дьоллуур. Төрөппүттэрбитигэр улаханнык махтанабыт. Кинилэр биһигини өйөөн, өйдөөн, күүс-көмө буолбуттара. Ыал аҕата буолан, актыбыыстаан бүтэн, иитээччи-аһатааччы быһыытынан үлэлээн саҕалаабытым. Билигин үөрэҕим кэнниттэн таҥас тигэр сыахха үлэлиибин. Ардыгар улахан тэрээһиннэргэ, кэнсиэрдэргэ харабыллыыбын. Онон иллэҥ кэмим суоҕун кэриэтэ.
Үөрэхпэр мэһэйдиир эрээри, бириэмэни сөпкө аттаран сырыттаххына, ситиһиилээхтик сылдьыахха сөп. Билигин бэйэбит кыра кыбартыырабытыгар олоробут. Сотору кэминэн дьиэ кэргэн уопсайыгар киирэр былааннаахпыт. Үөрэх, үлэ, дьиэ түбүгэ, оҕону көрүү – барыта олус сылаалаах. Ыарахан түгэннэргэ туох да иһин барытын иккиэн ситиһиэхпит диибит. Инникигэ эрэллээхпит, былааммыт элбэх.
Маннык эдэр ыалларга судаарыстыба өттүттэн элбэх өйөбүл баар. Университеппыт өттүттэн көмө эмиэ кырата суох. Кэргэммин Айыынаны олус күүскэ таптыыбын. Эдэр дьон, ыал буолартан куттанымаҥ, үтүө өрүтэ итэҕэс өрүтүнээҕэр элбэх эбит диэн санааҕа кэллим», – диэн кэпсээтэ.
Бу икки эдэр ыалы Сэргэлээххэ биирдэ эмит көрөөччүбүн. Көрөргө олус да астык, киһи дууһата үөрэр. Дьиҥэр, бу суруйуум ыччат кыһалҕатын көтөҕөр хайысхалаах буолуохтаах этэ даҕаны, дьонум саха сиэринэн, барыта кэминэн диэн сиэттэрэн кэпсээтилэр. Бу үчүгэй көстүү дии саныыбын.
Олохпут уустук. Күннээҕи кыһалҕа эрэ диэн элбэх буоллаҕа. Мантан сиэттэрэн аҕа оруолун туһунан этиэхпин баҕарабын. Билигин тус олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар булт курдук дьаныардаахтык сонордоон эккирэтиһэр чопчу сыаллаах-соруктаах, дьиҥ эгилитэ-бугулута суох, ыппыт ох курдук көнө, судургу уонна кытаанах эр киһи тулуйар кэмэ кэллэ дии саныыбын. Бу икки миигин кытта саастыы кэриэтэ уолаттар аҕа оруолун кытта бэйэлэрэ эмиэ киһи быһыытынан буһан-хатан сайдаллара саарбаҕа суох.
Саха кыыс таҥаралаах. Кырдьык, оннук. Кыыс омук анала буолар. Ийэ – дьиэ кэргэҥҥэ олоҕу иилээччи-саҕалааччы, эйэни тутааччы. Үөһэ этиллибит эдэркээн кыргыттар дьиэ кэргэннэригэр улахан суолталаах үлэни ыыталлар, кыыс быһыытынан сэмэйдэр, килбиктэр, эр дьонноругар эркин курдук эрэнэллэр, кэтит сарыннарыгар өйөнөллөр, өйүүллэр.
Эльдар САДОВНИКОВ.
Хаартыскалары дьоруойдар
тиксэрдилэр.
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…