Сэргэлээх олоҕо билигин да сэргэх!
Быйыл Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет Норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха салаата тэриллибитэ 85 үбүлүөйдээх сылын туолла.
Бэҕэһээ «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр үбүлүөйдээх тэрээһин чэрчитинэн «Сэргэлээхтэн кынаттанан» араас сылларга саха салаатыгар үөрэммит артыыстар кэнсиэр көрдөрдүлэр. Саха салаатыттан кынат анньынан айар дьоҕурдаах, ырыа абылаҥар ылларбыт, талааннаах ырыаһыттарбыт Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын, «Айархаан» бөлөх, Тамара Попова -Хадаана, Кылаан Кындыл, Кирилл Матвеев, Алена Яковлева-Анна-Дива, Алиса Долгунова, Аскалон Семенов, Артур Семенов-Тоҥ Саха, Аскалон Семенов, Марфа Прибылых, «Ямская гармонь» дьаамсык удьуордарын ансаамбыла бэйэлэрин ырыаларын бэлэхтээтилэр.
«Күндэл», «Уран», «Братья народов» шоу-бөлөх, үҥкүү ансаамбыллара, ону тэҥэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ырыа куттаах устудьуоннара бу бэлиэ киэһэни киэргэттилэр.
Саха салаатыгар үөрэммит араас көлүөнэ дьон көрсөн, үбүлүөйдээх тэрээһин кэнсиэригэр сылдьан, уруккуну-хойуккуну, устудьуоннаабыт сылларын ахтан-санаан аастылар, Сэргэлээхпит олоҕо билигин да сэргэх!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: