Сэргэни сэргээммин

Сэргэни сэргээммин

Ааптар:
06.11.2024, 10:36
Мэйик. Оҕус сэргэтэ. П.Николаев, В.Федоров, С.Копыленко
Бөлөххө киир:
Сэргэ — саха олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, култууратын мэҥэ кэрэһитэ

Дьокуускайга Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ Чурапчыттан аҕалыллыбыт ураты сэргэлэр бааллара. Худуоһунньук И. Попов, А. Саввин араас кэмнэрдээҕи уруһуйдара, С. Боло үлэлэрэ сөхтөрөр.

Сэргээн, сэҥээрэн чинчийэр, үөрэтэр дьон суруйууларын, бэлиэтээһиннэрин ааҕабын, үөрэтэбин,  эспэдииссийэлэргэ сылдьабын. Кыраайы үөрэтээччилэр бөлөхтөрүгэр куйаар ситиминэн хаһан да көрбөтөх, истибэтэх сэргэлэрим хаартыскаларын ыыппыттар, кэпсэппиттэр. Ону чопчулаһабын. Өссө бэриинэ сэргэ диэни соһуйа истибитим. Ол иһин, араас сылларга аахпыт, бэлиэтэммит, муспут матырыйаалларбыттан таҥан хаһыакка ыытабын.

Үөһээ Бүлүүгэ Мэйик сиригэр турар сэргэ. Кириэс ойуулаах.
Сэргэ анабыла араастаах

Суруйалларын курдук, тэлгэһэ сэргэтэ, итэҕэл сэргэтэ (ол иһигэр ойуун Араҥас сулус сэргэтэ, Үргэл сэргэтэ), ыһыах сэргэлэрэ, уо. д.а. бааллар. Тэлгэһэ сэргэтин араастарын эридьиэстээтэххэ, үксүн ат баайарга аналлаахтар.

Сэргэни кытары дьиэ кэргэн олоҕун отуора ыкса сибээстээх дииллэр.

Сэргэни кимиэхэ, туохха туруоралларын быһааран, уус киһинэн чочуйтараллар эбит. Сэргэ быһыыта-таһаата, оһуора-мандара, ойуута- дьарҕаата кимиэхэ, туохха туһаайыллыбытыттан тутулуктанар. (В. Ф. Яковлев “Сэргэ” диэн кинигэтигэр сиһилии суруллар).

Дьиэ кэргэн олоҕор

Сэргэни кытары дьиэ кэргэн олоҕун отуора ыкса сибээстээх дииллэр. Баай, сэниэ ыал тэлгэһэтигэр ойуулаах-мандардаах улахан сэргэттэн ураты кырата үс боростуой оҥоһуулаах сэргэни туруораллар эбит. Оттон сорох быстар дьадаҥы ыал тэлгэһэтигэр сэргэ диэн суох, кэлбит ыалдьыт-хоноһо атын күрүөҕэ баайарыгар тиийэрэ үһү.

Харбалаах Тоҥуулааҕар, Хабах өтөҕүн сэргэтэ
Сэргэлэр араастарыттан
Күн чаһыыта

Сэргэ күн чаһыытын быһыытынан туттулла сылдьыбыт буолуон сөп диэн суруйаллар. Икки сэргэни тиэргэҥҥэ анньаллар эбит. Сайыҥҥы саамай уһун күҥҥэ, күн оройугар биир сэргэ күлүгэ иккис сэргэ төрдүгэр түһүөхтээх диэн.

Горнай. Солоҕон, Чэппиэк өтөҕүн уонна Баллай баай өтөҕүн сэргэлэрэ.
Боотур тэлгэһэтигэр

Былыр кыргыс үөрэҕин ааспыт боотурдар ураһаларын айаҕар кыргыс сэргэтэ диэни туруоралларын туһунан балачча суруллан турар. Бу сэргэ моонньун алын өттүгэр уонна төбөтүгэр үҥүү төбөтүн курдук анал чопчулардаах буолар эбит. Онно боотур батыйатын, саадаҕын иилэ быраҕар, ыксал буоллаҕына дөбөҥнүк сулбу таһыйан ылыахтаах диэн. Маннык сэргэ боотур эрэ тэлгэһэтигэр туруоруллара бэлиэтэнэр.

Өйдөбүнньүк быһыытынан

Сэргэни кэриэс, өйдөбүнньүк быһыытынан туруоруу диэн эмиэ баара биллэр. Таатта оройуонугар былыр биир аҕа ууһа көмүллүбүт уолаттарын ахсаанынан салаалаах мастан оҥоһуллубут сэргэни ииннэрин аттыгар туруорбуттара үһү.

Горнай. Солоҕон, Чэппиэк өтөҕүн уонна Баллай баай өтөҕүн сэргэлэрэ.
Бэриинэ сэргэ

Горнай улууһугар Солоҕоҥҥо Чэппиэк өтөҕө диэн сиргэ дьикти сэргэлэр бааллара үһү. Хата ким эрэ хаартыскаҕа түһэрбит. Онно көрдөххө, икки баҕана чугас-чугастар. Хаһыылара ураты: үөһээ үүтүн хаһыыта биир хаптаһын батар киэҥнээх. Алларааҥҥы үүттэрэ туруору хаһыы, хас да хаптаһынныы суоруллубут сиэрдийэ угуллар гына оҥоһуллубуттар. Ити элбэх аты баайарга анаан оҥоһуллубут эбит. Аты баайан, сыбыдахтаан баран ыҥыырдарын сиэрдийэҕэ мииннэри быраҕалларыгар анаммыт. Ыҥыыр сараҕыйан эрдэҕэ. Чэппиэк лаппа баай киһи эбит.

Кыталыктаах диэн алааска Чэппиэк быраатын Баллай өтөҕөр эмиэ итинник сэргэлэр соторутааҥҥа диэри турбуттар. Үс баҕана субуруччу анньыллан, киэҥ үүттэринэн модьу-таҕа сиэрдийэлэр угуллан тураллара баара дииллэр.

Оҕус сэргэтэ

Үөһээ Бүлүү Мэйигэр дэриэбинэ ортотугар эмэҕирэн охтубут оҕус сэргэтэ сытар. Оҕус сэргэтэ диэни истибитим эрээри, онно эрэ көрбүтүм.

Хоолдьуга сэргэтэ

Киһи уҥуоҕар туруоруллар Хоолдьуга сэргэ диэни сорохтор истибиккит, аахпыккыт буолуо. Баай, тойон киһи өллөҕүнэ киһилэрин харайан баран, иинин атах өттүгэр (илин өттө) оһуордаах-мандардаах сэргэ туруораллар эбит. Оттон ойуун, удаҕан өллөҕүнэ көмүллүбүт сиригэр туруорар сэргэлэрэ ураты. Сэргэ баһа икки аҥы өргөстүү төбөлөөх гына оҥоһулларын бэлиэтээбиттэрэ баар. “Кулгаахтаах сэргэ, истигэн сэргэ” дииллэр. Ол аата, “өллөхпүнэ да дьоммун-сэргэбин көрө-истэ, араҥаччылыы сытыам” диэн эбит. Өссө сэргэни өлбүтү кытары бииргэ көмөллөрө диэн баарыттан соһуйбуттаахпын. Холобур, Уус Алдан оройуонугар икки хоруоп икки ардыгар 1,6 м усталаах сэргэни көмпүттэрэ көстүбүттээх эбит. Бу “Өбүгэ сэргэтэ” диэн буолара ыйыллыбыт. Оттон кулут сэргэтэ ииҥҥэ туруоруллар. Киэргэллээх ыҥыырдаах тойон атынаан, өссө биир аттыын сэргэҕэ бааллан, аттыларыгар хоруопка кулут угуллан, бииргэ көмүллэллэр эбит.

Түмүк

Билигин сэргэлэр турбут тэлгэһэлэрэ, балаҕаннарын онно оһон, ким олорбутун сурах хоту сороҕун эрэ билэбит. Ол иһин, сэргэни чинчийэн үөрэппит уонна үөрэтэр ытык дьоммут үлэлэрэ хаһыаттарга тиһиктээхтик тахсыан баҕарабын. Кэнчээри ыччат билиэкөрүө, өйдүү-саныы сылдьыа этэ.

Светлана Копыленко,

Харбалаах, Үөһээ Бүлүү.

Хаартыскалар: Сардаана Захарова, Светлана Копыленко түһэриилэрэ, куйаар ситимиттэн.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: