«Сөргүтүүлэр» сайыҥҥы ситиһиилэрэ
Быйыл сайын Дьокуускай куоракка олорор «Сөргүтүү» айар түмсүүгэ дьарыктанар Хаҥалас улууһуттан сыдьааннаах норуот маастардарыгар уонна иистэнньэҥнэригэр, үгүс ситиһиилэри бэлэхтээн ааста.
Түмсүүнү үһүс сылын СӨ норуотун маастара Азияна Харлампьева тэрийэн, салайан үлэлэтэр. Түмсүү сүрүн сыалынан XVII үйэттэн саҕалаан саха таҥаһын үөрэтии, сөргүтүү, тилиннэрии буолар. Билигин түмсүүгэ Төхтүр нэһилиэгиттэн кэргэннии Иван уонна Александра Ефремовтар, 1-кы Дьөппөнтөн төрүттээх Анна Куличкина, эдьиийдии-балыстыы Лидия Иванова уонна Валентина Попова, Нөмүгүттэн Марфа Заборовская, Покровскайтан Мотрена Ильина дьарыктаналлар.
Бэс ыйыттан саҕалаан түмсүү кыттыылаахтара айан таһаарбыт үлэлэринэн араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, бэстибээллэргэ, быыстапкаларга кыттыннылар. Олоҥхо туһунан паннолара Санкт-Петербург куоракка тэриллибит «Душа России» Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ, сахалыы таҥастара Иркутскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы «Мы разные. Мы вместе» этнобэстибээлгэ лауреат үрдүк аатын ылбыттарынан эҕэрдэлиибит уонна улууспут аатын өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көмүскүүллэригэр махтанабыт.
Галина Семенова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: