Сэрии бэтэрээннэригэр, огдооболоругар 80 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ
Тохсунньу 15 күнүгэр Владимир Путин Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии үлэтин туһунан «Победа» тэрийэр кэмитиэт мунньаҕы ыытта. Онно Аҕа дойдуну көмүскээччилэр ааттарын үйэтитии, «Килбиэннээх үлэ куората» ааты иҥэрии, бэтэрээннэргэ көмө туһунан кэпсэттилэр.
— Ыам ыйыгар биһиги Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Бу Улуу Кыайыы суолтата бүтүн Арассыыйа дьылҕатыгар, биһиги норуоппут майгытыгар, сыаннастарыгар сүҥкэн оруоллаах. Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр нацизмы кыайбыппытын өйдүүрбүт бэлиэтигэр, көлүөнэлэр быстыспат ситимнэрин утумнаан, 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбиппит, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.
Кини губернатордары, эрэгийиэннэр баһылыктарын бэтэрээннэргэ улахан болҕомтону ууралларыгар соруйда. Эрэгийиэн Бочуоттаах олохтооҕо буола илик буоллахтарына, оҥорорго, пааматынньыктары, өйдөбүнньүктэри чөлүгэр түһэрэргэ соруйда.
Маны тэҥэ, анал ыйаахха илии баттаабытын туһунан иһитиннэрдэ. Ол чэрчитинэн, фронтовиктарга уонна кинилэр огдооболоругар, концлааҕырга оҕо сылдьан түбэспит дьоҥҥо 80-нуу тыһыынча солкуобай, тыыл бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлааҕырдар хаайыылаахтарыгар, ПВО, муора, авиа-баазаларга үлэлээбит, оборуона тутууларын туппут дьоҥҥо 55-тии тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: