Сэрии бэтэрээннэригэр, огдооболоругар 80 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ

Share

Тохсунньу 15 күнүгэр Владимир Путин Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии үлэтин туһунан «Победа» тэрийэр кэмитиэт мунньаҕы ыытта. Онно Аҕа дойдуну көмүскээччилэр ааттарын үйэтитии, «Килбиэннээх үлэ куората» ааты иҥэрии, бэтэрээннэргэ көмө туһунан кэпсэттилэр. 

Хаартыска: Кремлин.ру

— Ыам ыйыгар биһиги Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Бу Улуу Кыайыы суолтата бүтүн  Арассыыйа дьылҕатыгар, биһиги норуоппут майгытыгар, сыаннастарыгар сүҥкэн оруоллаах. Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр нацизмы кыайбыппытын өйдүүрбүт бэлиэтигэр, көлүөнэлэр быстыспат ситимнэрин утумнаан, 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбиппит, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

Кини губернатордары, эрэгийиэннэр баһылыктарын бэтэрээннэргэ улахан болҕомтону ууралларыгар соруйда. Эрэгийиэн Бочуоттаах олохтооҕо буола илик буоллахтарына, оҥорорго, пааматынньыктары, өйдөбүнньүктэри чөлүгэр түһэрэргэ  соруйда.

Маны тэҥэ, анал ыйаахха илии баттаабытын туһунан иһитиннэрдэ. Ол чэрчитинэн, фронтовиктарга уонна кинилэр огдооболоругар, концлааҕырга оҕо сылдьан түбэспит дьоҥҥо 80-нуу тыһыынча солкуобай, тыыл бэтэрээннэригэр, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлааҕырдар хаайыылаахтарыгар, ПВО, муора, авиа-баазаларга үлэлээбит, оборуона тутууларын туппут дьоҥҥо 55-тии тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кирэдьиити ылыах иннинэ «толкуйдуур кэм» бэриллиэҕэ

Госдуумаҕа кирэдьиити биэрэргэ "толкуйдатар кэми" киллэрэр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла  түөкүттэртэн…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сүөһүтүн этин төһөҕө атыылыыллар?

Саха сүөһүтүн тоҕо эрэ аан дойду чинчийээччилэрэ харахтарын далыттан олох сүтэрбэттэр. Хас да генетическэй чинчийии…

47 минут ago
  • Сонуннар

Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ ыытыллар

Дьокуускайга тохсунньу 24 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ чэрчитинэн, «Пронзительная…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эстрада ырыаһыта Москва сыанатыгар туруоруллар испэктээккэ оонньуоҕа

Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра  үөрүүлээх сонуну тутта.   Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа,  Эстрада тыйаатырын…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

700-тэн тахса киһи кэлим реабилитацияны ааста

Айсен Николаев сорудаҕынан, Ю.П. Степанов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр кэлим реабилитацияларын социальнай-чэбдигирдэр кииннэригэр байыаннай дьайыы 375…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Якутия» АХ Харбиҥҥа эбии рейстэри оҥоруоҕа

 «Якутия»  АХ   2025 сыллааҕы "Саас-Сайын"  расписаниетыгар олоҕуран, Харбиҥҥа  диэри  эбии рейстэри оҥоруоҕа. Бу туһунан  авиа-хампаанньа…

3 часа ago