Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар!» луоһун туох-баар олох уонна үлэ хайысхатын салайара. Оччотооҕу олох сүнньэ – “былааннаах экэниэмикэ” – сэрии кэмигэр норуот күүһүн күүрдүүгэ улахан көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Холобур, Дьокуускай куоракка урут хаһан даҕаны тэриллибэтэх бырамыысыланнас хайысхата – Өстүөкүлэ собуота – бэрт кылгас кэм иһигэр тэриллэн, табаар оҥорон барбыта.
Дьиҥэр, өстүөкүлэ оҥорор собуоту тутуу өссө 1940 сылга былааннаммыт эбит. Тоҕото өйдөнөр – Саха сиригэр үлтүркэй, бэрт ыйааһыннаах табаары тиэйэн аҕалыы олус ороскуоттаах, миэстэтигэр оҥоруу элбэх кыһалҕаны быһаарыан сөп этэ. Былаан быһыытынан собуокка сүрүннээн түннүк тааһын, лаампа тааһын, эмтиэкэ иһиттэрин, ыстакааннары, үүт, пиибэ, кыбаас иһиттэрин оҥоруохтаах этилэр. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, Намныыр суолга өстүөкүлэ оҥорорго сөптөөх кварц кумах баар эбит.
Бэлэмнэнии үлэ кэмигэр сэрии саҕаланан собуот тутуута тохтуур. Ол эрэн, хомуньуус былааһа оҥоруох буолбутун олоххо киллэрэр үгэстээх этэ, онон Улуу сэрии саамай күчүмэҕэй кэмнэригэр, 1942 сыллаахха, собуоту тутуу саҕаламмыт.
Урут хаһан даҕаны тэриллэ илик бырамыысыланнас хайысхатын оҥоруу – күүстээх сананыы. Кыаллыбат кэриэтэ араас моһуоктар көстөн барбыттар. Сүрүн кыһалҕанан итиини тулуйумтуо кирпииччэни оҥоруу буолбут. Түннүк тааһын буһарар оһоххо оннук эрэ кирпииччэ ирдэнэр эбит. Бу эмиэ Саха сиригэр эрдэ тургутулла илик үлэ буолбут. Инньэ гынан, олохтоох Промстройтрест саҥа үлэни баһылыыр уонна сыл бүтүүтэ 200 тыһыынча итиини тулуйумтуо, 150 тыһыынча кыһыл кирпииччэни оҥорон туттарбыт.
Уопуттаах тутааччылар бары кэриэтэ сэриигэ барбыт буоланнар, собуот дьиэтин үксүн оҕо, дьахтар күүһүнэн туппуттар. Төһүү күүһүнэн ФЗО (фабрично-заводское обучение) үөрэнээччилэрэ, 16 саастаах уолаттар, буолбуттар. Ити курдук, 1943 сыл сэтинньитигэр собуот “Коммунар” артыал диэн ааттанан кыралаан үлэлээн барбыт.
1943 сыл ахсынньытыгар “Социалистическая Якутия” хаһыат биир балаһата “Завод вступил в строй” диэн ааттанан саҥа собуокка ананан тахсар. Тэрилтэ бастакы ситиһиилэрэ, күннээҕи кыһалҕалара, кэлэр былааннара тус туһунан ыстатыйаларга бэрт сиһилии суруллубуттар. Ахсынньы 1 күнүттэн собуот кыралаан (сорох чааһа ситэ үлэҕэ киирэ илигинэ суруллубут) үлэлээн, бастакы декадатыгар 2000 лаампа тааһын, 100 графины, 200 хаан оборторор бааҥканы, 159 үүт кырыыҥкатын оҥорон таһаарбыт. Ону таһынан, 1500 “халява” үрүллэн тахсыбыт – түннүк тааһын оҥорорго анаммыт таас хабахтар. “Сотору чэрэниилэ иһитин оҥоруохпут” диэн былаан этиллибит. Көстөрүн курдук, бастаан халыҥ, судургу оҥоһуулаах малы оҥорортон саҕалаабыттар.
Артыал кыһалҕата элбэх – үлэҕэ аналлаах тэрил тиийбэт, таас буһарарга аналлаах сульфат, суода аҕалылла илик. Бастакы табаары кумахтан буолбакка, эрдэ туһаныллыбыт таас иһит, түннүк үлтүркэйдэрин хаттаан уһааран оҥороллор. “Өстүөкүлэ үлтүркэйин хомуйууну систиэмэлиэх тустаахпыт, бүгүҥҥү хаһаас үс эрэ ыйдаах үлэни хааччыйар, Иркутскайтан кальцийдаах суода уонна сульфат кэлэрэ ыраах” диэн С. Петров суруйар. Оройуоннарга таас үлтүркэйин туттарыыга былаан түһэрэн, ким төһөнү туттарбытынан саҥа өстүөкүлэ табаары нуормалыырга ыҥырар.
Собуот 100 үлэһититтэн 10-на – уопуттаах, атын сиртэн маастардыы, үөрэтэ кэлбит дьон. Стеклодувнай сыах маастара Н. Аракчеев анал үстүрүмүөн тиийбэтин ыйан суруйар: “Кырапыыны мас халыыпка кутабыт. Мас умайар, табаар бодото онтон сылтаан олус мөлтүүр, сыаната түһэр. Чугуун халыыптары кутар ама сатаммат дуо? Сатаныахтаах!” диэн суруйар. Олохтоох “Металлист” артыал таас тэнитэр, кырыйар тэриллэри сөбө суохтук оҥорбутун кириитикэлиир.
Уопсайынан, ол кэмнээҕи хаһыаты ааҕар, кырдьык, интэриэһинэй, “Улуу Сталины” арбааһынынан муҥурдаммакка, дьиҥнээх кыһалҕаны ырытыы эмиэ баар.
“Коммунар” артыал собуот толору күүһүнэн үлэлээбитигэр хайдах ситиһиилээҕин эмиэ хаһыат сирэйдэриттэн ааҕан билэбит. 1948 сыл саҥатыгар, тохсунньу 15 күнүгэр, “Социалистическая Якутия” хаһыат кытаанах кириитикэни бэчээттиир. “Коммунар” өстүөкүлэ собуота биирдэ даҕаны былаанын толоро илик. Собуот дьаһалтата табаар хаачыстыбата мөлтөҕүн оҥорор тэрил куһаҕанынан быһаарар этэ эрээри, соторутааҕыта оҥоһуллубут хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн табаар хаачыстыбата тупсубата. Тахсыбыт ночооту ис күүһү күүрдүүнэн быһаарар оннугар, собуот сорох атыылыыр табаарыгар сыанатын үрдэтэн балаһыанньатын тупсара сатыыр. “Саҥа тэриллибит собуот буолан үлэтэ мөлтөх” диэн сылтаҕы ыстатыйа ааптара С. Батшев киэр илгэр – Магадааҥҥа эмиэ саҥа тэриллибит өстүөкүлэ собуота барыстаахтык үлэлии турарын ыйар. Үлэ мөлтөҕүн “дьаһалта сатабыла суоҕунан, баартыйа үлэтэ сөптөөх таһымҥа ыытыллыбатынан” быһаарар, үлэҕэ хозрасчет ньыматын киллэрэн барыс киллэрэргэ ыҥырар.
Ол эрэн, 1948 сыл бүтүүтэ, “Социалистическая Якутия” ахсынньы 3 күнүгэр тахсыбыт нүөмэригэр, “У якутских стекольщиков” диэн кыра суруйууга собуот үлэтин хайгыыр. “Собуот үлэһиттэрэ бу сыл сэтинньитигэр үлэ хаачыстыбатын саҥа таһымҥа таһаардылар. Ааспыт ыйга былаан 1600 кв.м. эбит буоллаҕына, собуоттан 3220 кв.м. түннүк тааһа таҕыста. 8540 ыстакааны былааны таһынан оҥорон таһаардылар. Стеклодувтар Шутов, Булатов уонна Иванов күн аайы былааннарын 130-140% толороллор. Карпова биригээдэтэ өстүөкүлэ хаачыстыбатын 25% үрдэппит. Бэҕэһээ үлэлиир кэлэктиип уопсай мунньаҕар тохсунньуга былааны 300% толорорго эбэһээтэлистибэ ылыннылар”.
Хайдах сыл иһигэр былааны 2-3 төгүл толорууну ситиспиттэрин билигин кэлэн чопчу билбит саарбах. Билиҥҥи кэм уратыта, сонуну сырдатар ньымата олох туспа буоллаҕа. Ол эрэн, түмэлгэ баар оҥоһуктары көрөн, табаары атыыласпыт дьон ахтыыларыгар олоҕуран, бу тэрилтэ, кырдьык, үчүгэй таһымнаах үлэни оҥорон барбытын билэбит.
Аҕыйах сыллааҕыта “Столичнай” ырыынак чугаһынан “Өстүөкүлэ собуота” диэн оптуобус тохтобула баара. Хаһан эрэ, ити диэки собуот үлэлии турдаҕа, үлэһиттэр күннэтэ таас иһит, түннүк тааһа оҥоро үлэлэригэр тиэтэйдэхтэрэ…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…