“Сэрии оҕолоро” киинэни Москва уонна Минскэй бэстибээллэригэр наҕараадалаатылар

“Сэрии оҕолоро” киинэни Москва уонна Минскэй бэстибээллэригэр наҕараадалаатылар

14.11.2022, 18:23
Бөлөххө киир:

“Сэрии оҕолоро” (“Дети войны”) саха киинэтэ ханна, туох наҕараадаларга тигистэ? 

Бу киинэ Москваҕа “Арктика” бэстибээлгэ бастыҥ анимационнай киинэнэн ааттаммыта.  Сардаана Барабанова режиссердаах киинэ Москваҕа “Арктика” бэстибээлгэ “Анимационнай киинэлэр”номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыста, Минскэйгэ “Листопад” бэстибээлгэ “Анимацияҕа сэрии тиэмэтин үрдүк таһымнаах уус-ураннык быһаарыы” иһин бирииһинэн бэлиэтэннэ.

Быйыл “Арктика” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ киинэлэри биэс номинациянан быһаардылар: “Арктика Кыһыл кинигэтэ”, “Арктика төрүт норуоттара: култуура, искусство, устуоруйа”, “Анимационнай киинэлэр”, “Арктика сирин-уотун технологията, инфраструктурата, сайдыыта”, “Кылгас киинэ”.  “Сэрии оҕолоро” “Анимационнай киинэлэр” номинацияҕа кыайыылаах буолла. Бириистэри РФ айылҕа баайын уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов уонна Госдуума дьокутаата Вячеслав Фетисов туттардылар. Киинэни айааччылар ааттарыттан наҕарааданы РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлин бастакы солбуйааччы Александр Сафронов ылла.

Минскэйдээҕи “Листопад” норуоттар икки ардыларынаҕы киинэ бэстибээлигэр анимация аан бастаан көһүннэ, ол да буоллар, 530 үлэ киирдэ. 21 дойду кытынна: Арассыыйа, Германия, Израиль, Мексика, Франция, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ, Бельгия, Нидерланды, Иран, Колумбия, Кытай, Саудовскай Аравия, Палестина, Сербия, АХШ уо.д.а. Куонкурус бырагырааматыгар 50 киинэттэн 16-та —Арассыыйа устуута.  “Сэрии оҕолоро” “Сэрии уобарастара” бырагыраамаҕа кытынна уонна “Анимацияҕа сэрии тиэмэтин үрдүк таһымнаах уус-ураннык быһаарыы”  бириискэ тигистэ. Наҕарааданы киинэ продюсера уонна эрэдээктэрэ Диана Худаева тутта.

СИА

Хаартыска: тустаах саайтан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: