Сэрии таҥаһын оҕолор, улахан дьон мээнэ кэтэллэрэ төһө сиэрдээҕий?

Сэрии таҥаһын оҕолор, улахан дьон мээнэ кэтэллэрэ төһө сиэрдээҕий?

Ааптар:
13.05.2023, 14:00
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы бырааһынньыга ааста. Дьон-сэргэ хайа да кэмҥэ, аҕаларын, эһээлэрин, убайдарын, аймахтарын кэриэстээн, Кыайыы бырааһынньыгын  өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтиир. Ол гынан баран, сыл-хонук аастаҕын аайы Улуу бырааһынньык өйдөбүнньүгэ уларыйан иһэриттэн дьиксинии эмиэ баар. Биһиэхэ биир ааҕааччы маннык суруга киирдэ. 

«Мин биир санаалаахпын. Баҕар сыыһа буолуо да буоллар, этэргэ сананным.
Бу кэлиҥҥи уонча сылга Кыайыы күнүгэр, атын да тоҕоостоох түгэннэргэ оҕолуун, дьахтардыын байыаннай таҥаһы таҥныы наһаа элбээтэ. Туох эрэ киэргэл таҥас курдук. Онтон бу таҥас сэрии таҥаһа, алдьархай, өлүү-сүтүү таҥаһа дии. Эр дьон кыһалҕаттан, Ийэ дойдуларын көмүскээри эрэ ити таҥаһы кэтэллэр.
Сиэри-туому кэһэммит, ити таҥаһы оҕолорго таҥыннаран, бу саҥа сэриини бэйэбитигэр ыҥырдыбыт быһыылаах. Идэлээх, чуолкайдаан эттэххэ, көмүскэнэн да буоллар дьону өлөрөр дьон анал таҥаһын хайдах оҕоҕо кэтэрдиэххэ сөп эбитэ буолла? Ойуун таҥаһын уулуссаҕа, ким баҕарбыт кэтэ сылдьыбаппыт дии.
Сиэр-туом быһыытынан хайдаҕа эбитэ буолла?»

Сырдык Күүс, Хаҥалас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: