Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы бырааһынньыга ааста. Дьон-сэргэ хайа да кэмҥэ, аҕаларын, эһээлэрин, убайдарын, аймахтарын кэриэстээн, Кыайыы бырааһынньыгын өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтиир. Ол гынан баран, сыл-хонук аастаҕын аайы Улуу бырааһынньык өйдөбүнньүгэ уларыйан иһэриттэн дьиксинии эмиэ баар. Биһиэхэ биир ааҕааччы маннык суруга киирдэ.
«Мин биир санаалаахпын. Баҕар сыыһа буолуо да буоллар, этэргэ сананным.
Бу кэлиҥҥи уонча сылга Кыайыы күнүгэр, атын да тоҕоостоох түгэннэргэ оҕолуун, дьахтардыын байыаннай таҥаһы таҥныы наһаа элбээтэ. Туох эрэ киэргэл таҥас курдук. Онтон бу таҥас сэрии таҥаһа, алдьархай, өлүү-сүтүү таҥаһа дии. Эр дьон кыһалҕаттан, Ийэ дойдуларын көмүскээри эрэ ити таҥаһы кэтэллэр.
Сиэри-туому кэһэммит, ити таҥаһы оҕолорго таҥыннаран, бу саҥа сэриини бэйэбитигэр ыҥырдыбыт быһыылаах. Идэлээх, чуолкайдаан эттэххэ, көмүскэнэн да буоллар дьону өлөрөр дьон анал таҥаһын хайдах оҕоҕо кэтэрдиэххэ сөп эбитэ буолла? Ойуун таҥаһын уулуссаҕа, ким баҕарбыт кэтэ сылдьыбаппыт дии.
Сиэр-туом быһыытынан хайдаҕа эбитэ буолла?»
Сырдык Күүс, Хаҥалас.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…