«Сэрийээл саамай тоҕоостоох кэмҥэ дьон болҕомтотун тарта…»
Сэтинньи 6 күнүттэн «Саха” НКИХ ханаалыгар «Харчы» диэн саҥа сэрийээл таҕыста.
Режиссер Елена Эверстова, сценарист Евгения Давыдова, туруорааччы оператор Гаврил Дьячков бүгүҥҥү күҥҥэ сытыы тиэмэни таарыйан, сэрийээл оҥорон дьон дьүүлүгэр таһаардылар.
Төлөпүөн нөҥүө дьону албыннааһын, түөкүннээһин олохпут бүгүҥҥү сиэркилэтинэн буолбутунан сибээстээн буолуо, үгүс киһи сэрийээлгэ болҕомтотун хатаата. Тэрилтэлэргэ, куукуналарга, ыалдьыттаһа да сылдьан «Харчы» сэрийээли дьон хото ырытар буоллулар.
Мин көрөөччүлэртэн бу киинэ туһунан санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүм. Онуоха дьонум маннык хоруйдаатылар.
Клара Игнатьева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо:
— Сэрийээли көрө олорон түөкүттэртэн наһаа кыһыйабын. Бэйэм итинник түбэлтэлэргэ түбэһэ иликпин да буоллар, сэрэниэххэ наадатын өссө төгүл бигэтик өйдүүгүн. Киһини толкуйдатар киинэ. Кылаабынайа, ыал бэйэ-бэйэтин сыһыана харчы тиэмэтин нөҥүө араастык ойууланара эмиэ кэрэхсэбиллээх. Холобура, ити эдэрдэр, нууччалыы эттэххэ, “гражданскай брак” диэнинэн бииргэ олороллорун олох сөбүлээбэппин. Тус-туспа да олорон, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсиэхтэрин син буоллаҕа. Өбүгэ саҕаттан кыыс олохтоохтук эргэ тахсан, ыал буолан, иэримэ дьиэ хаһаайкатын быһыытынан ойох буолар буоллаҕа. Хаһан эрэ эр киһи тыл көтөҕөрүн кэтэһэн олоруох диэтэххэ, кыыс аймахха ити охсуулаах. Ордук өй-санаа өттүнэн. Дууһа ыарыыта буолар буоллаҕа…
Саргылаана Алексеева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
— Мин бу сэрийээли бокуойум суох буолан, көрбөккө сылдьабын. Дьүөгэлэрим ырыталларын истэ-истэ көрүөх баҕа баһаам. «Саха» НКИХ сыһыарыытыгар бары сэрийээллэри көрүөххэ сөп эбит. Онон мин саамай биһириирим ити. Солото суох киһи, тоҕоостоох түгэн буллар эрэ, көрүөн сөп. Онон эрэлим — бу сыһыарыыга. Бу өрөбүллэргэ хайаан да көрүөм. Тиэмэтэ бүгүҥҥү күҥҥэ олус сөп түбэһэр. Үгүспүтүгэр төлөпүөммүтүгэр билбэт нүөмэрбит эрийэр. Онон сэрэхтээх буоларга маннык сэрийээллэртэн киһи ордук үөрэнэр.
Ньургун Кривошапкин, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо:
— Сэрийээл саамай тоҕоостоох кэмҥэ дьон болҕомтотун тарта. Тиэмэтэ — бүгүҥҥү күннээҕи олохпут көстүүтэ. «Харчы» бастакы сиэрийэлэриттэн киһини толкуйдатар түгэннэрдээх. Салгыытын көрөн иһиэхпит буоллаҕа. Олохторун саҥа оҥостор эдэр ыал бу киинэттэн туох эрэ түмүгү оҥостоллоро буолуо. Махтал буоллун хампаанньа салалтатыгар — маннык уустук кэмҥэ сөптөөх киинэлэри толкуйдаан таһаарар айар куттаах дьону өйүүллэригэр.
Дьэ, ити курдук үгүс киһи санаата биир — сэрийээл көрөөччүнү толкуйдатар. Оруоллары Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Андрей Соловьев, Владислав Иванов, Майатааҕы народнай тыйаатыр режиссера Данил Осипов, саха тыйаатырын артыыстара Анатолий Николаев, Маргарита Борисова, ону тэҥэ саҥа аат Сандра Жегусова толороллор.
Бастакы сиэрийэлэри көтүппүт дьон «Саха» НКИХ сыһыарыытын хачайдаан, буор босхо көрүөхтэрин сөп. «Харчы» сэрийээл — олохпут бүгүҥҥү көстүүтэ. Сэргээҥ, кэрэхсээн көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: